Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков олохтоохтору кытары тус көрсүһүүтэ буолла.
Р. полуфабрикаттары оҥоруунан дьарыктанар урбаанньыт бырайыагын кэҥэтэргэ көмө наадатын биллэрдэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин тыаҕа уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Атласов көрдөһүүлээххэ сүбэ-ама биэрдэ, көмө ыларга туох ньымалар баалларын эттэ уонна тустаах исписэлиистэри кытта көрсүһүннэриэх буолла.
Г. уус «Дархан Уус» Саха сирин мас оҥоһуктарыгар анаммыт быыстапканы бэлэмниир туһунан боппуруостаах тиийдэ. Быыстапкаҕа саха былыр-былыргыттан туттан кэлбит сэбэ-сэбиргэлэ, иһитэ-хомуоһа көрдөрүллүөхтээх. Бу боппуруоһу дьүүллэһэн баран тэрээһини кулун тутар ортотугар оҥорорго болдьостулар.
«Родной край – Усть-Алдан» диэн 5-6 кылаас оҕолоругар аналлаах үөрэх босуобуйатын оҥорооччулар бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Александр Жирков босуобуйа маҥнай сахалыы тылынан суруллан баран нууччалыы тылбаастанара ордук, ону кытта бу таһаарыы «История Якутии» диэн учуобунньукка сөп түбэһэр буолуохтаах диэн баҕа санаатын эттэ.
Киирбит сайаапкалар бары хонтуруолга ылынылыннылар, суруйда Ил Түмэн пресс-сулууспата.
This post was published on 29.01.2024 10:01 10:01