"Түннүк нөҥүө олох" - хаартысканан быыстапка аһылынна

Худуоһунньук, суруйааччы, суруналыыс Николай Курилов сыл устата түннүк нөҥүө түһэрбит хаартыскаларын дьон көрүүтүгэр таһаарда. «Түннүк нөҥүө олох» — хаартысканан быыстапка саастаах дьон пандемия кэмигэр дьиэҕэ хааллыбыт туруктарын туоһулуур. 


«Олох хайа да түгэҥҥэ кэрэ. Дьиэҕэ да хааллан олорон киһи күөх халлааны, күнү көрөр кыахтаах… Дьон олох кэрэтин хайа да түгэҥҥэ өйдөөн көрүөхтэрин баҕарабын», — диир Николай Курилов.

Сыл иһигэр кини барыта 150 хаартыска оҥорбут, онтон 63-н талан быыстапкаҕа туруорбут. Хаартыскалар барыта смартфоҥҥа түһэриллибиттэр.

Сонун быыстапканы Белинскэй уул. 44, 27 каб. студия ART-SITIM көрүөххэ сөп, киирии босхо.

This post was published on 13.05.2021 13:06 13:06