Балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи түүн киин, илин эҥэр, Бүлүү бөлөҕөр, Өлүөхүмэ оройуонугар 0… -4 тиийэ температура тымныйара күүтүллэр. Тоҥоруу туһунан УГМС сэрэтэр.
Дьокуускайга синоптиктар температура намтыырын сабаҕалыыллар. Түүн 0… -2 диэн этэллэр, күнүскү температура +12… +14 кыраадыс буолуо. Күнүс сөкүүндэҕэ 5-10 миэтэрэ түргэннээх тыал күүтүллэр.
Күн ортотугар өрөспүүбүлүкэ соҕуруу уонна соҕуруулуу-илин өттүгэр кыра ардах түһүөҕэ, хотугулуу-илин — инчэҕэй хаар түһүөҕэ.
Күнүс киин оройуоннарга +10… +15 кыраадыс, арҕаа +13… +18, хотугулуу-илин +5… +10 буолуоҕа.
This post was published on 09.09.2025 08:16 08:16