Түмүк санаа: Саха сирэ көхтөөҕүн көрдөрдө

Түүн 03:00 чааска өрөспүүбүлүкэ Киин быыбардыыр хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Ефимов суруналыыстарга чугаһаан (пресс-подходка) этиитигэр барыллааһын чахчыларга олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн боротокуоллары бэрэбиэркэлээһин 99 быр. ыытыллыбытын чопчулаата.


Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьон быыбарга кыттыыта 71,1 % тэҥнэһэр. Дьокуускайы ыллахха, ити көрдөрүү – 70 быр. Барыллаан ааҕыынан Саха сиригэр Владимир Путин – 64,3 %, Павел Грудинин – 27,3 %, Владимир Жириновскай – 3,9 %, Ксения Собчак – 1,6 % ыллылар. Итилэртэн атын хандьыдааттар 1 бырыһыантан кыраны ыллылар, — диэтэ Алексей Михайлович.

Кини мантан салгыы Усуйаана Депутатскайыгар сарсыарда процедураны кэһии тахса сылдьыбытын интернет ситимигэр суруйбуттарын эттэ. Табаһыттарга, күнү-дьылы кэтээн көрөр үлэһиттэргэ, көмүс хостооччуларга илдьэ сылдьыбыт көһө сылдьар кыра дьааһыктарын сокуон быһыытынан 8 чаас кэнниттэн аһыахтаахтаахтар эбит. Маны “Формальнай кэһиинэн ааҕыахха сөп”, — диэтэ бэрэссэдээтэл.

Киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо быыбарга көхтөөхтүк кыттыбыттар. Уһук Илиҥҥэ киэһэ 6 чаастаах түмүгүнэн Саха сирэ Чукотка уонна Магадан кэнниттэн үһүс миэстэҕэ иһэр.
Мантан салгыы кини Россия бэрэсидьиэнин быыбарыгар көхтөөхтүк кыттыбыт улуустары бөлөхтөрүнэн наардаан ааттаата. Ол курдук, Хоту улуустарга – Өлөөн (95 быр.), Анаабыр (91 быр.), Абый (75 быр.). Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуустарга Горнай инники күөҥҥэ иһэр (89 быр.). Бу улуус кэнниттэн тилэх баттаһа Амма (83 быр.), Үөһээ Бүлүү (80 быр.), Чурапчы (80 быр.), Уус Алдан (79 быр.) иһэллэр. Бырамыысыланнаһынан дьарыктанар улуустарга Ленскэй бастаан иһэр (70 быр.). Уонна Нерюнгри, Мирнэй, Алдан ленскэйдэртэн арыый да хаалан иһэллэр.
Түүҥҥү сонун итинник. Кылаабынайа – быыбарга көхтөөхпүтүн көрдөрдүбүт.

This post was published on 19.03.2018 07:13 07:13