22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Түөлбэ тыла: бурдук ас ааттара

11:01, 14 августа 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Астар ааттарын наардааһын сахалар билиҥҥи Саха сирин уһуннук уонна уруккуттан баһылаан-көһүлээн, киэҥ сиринэн тайаан тарҕанан олорбуттарын, баралларын-кэлэллэрин арыйар. Төһөнөн ас көрүҥэ (холобур, лэппиэскэ) элбэх да, соччонон оччотооҕу саха ханан олорбутун, ханнык ас ордук элбэҕин, бурдугу үүннэрии төһө сайдан испитин көрдөрөр.


Николаев Егор Револьевич, тыл үөрэҕин хандьыдаата, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үнүстүүтэ, билим алын үлэһитэ

Саха – Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи эҥээрин былыр-былыргыттан киэҥник баһылаабыт төрүт омук. Саха ынаҕын, саха сылгытын, табаны иитэн, бултаан-алтаан, балыктаан, уустук айылҕалаах дойдуну төрүт дойду оҥостон, биир тыллаах, биир култууралаах сомоҕо омук буолан үүнэн-сайдан кэллэ. Онуоха төрүт дьарыкпыт тылбыт тыыннаах, чөл буоларын эмиэ хааччыйбыта. Ол да иһин буолуо, төрүт дьарыкпытыттан сиэттэрэн, ааспыт үйэ 30-с сылларыгар этнограф, историк Г.В. Ксенофонтов сахалары сүөһү иитээччилэр – соҕурууҥҥулар (скотоводы) уонна табаны иитээччилэр – хотугулар (оленеводы) диэн араарбыта [7; 8]. Бу икки бөлөх тылларын уратылара, баайа киһи илиитинэн тутан-хабан айан таһаарбыт култууратыгар (материальная культура) көстөр: дьиэ-уот, таҥас-сап, ас-үөл, туттар сэп-сэбиргэл, иһит-хомуос, о.д.а. Бу тыл баайыттан «ас-үөл аата» (названия пищи) диэн араҥаны чинчийии билиҥҥи кэмҥэ тылы өрүтүннэрии үлэтин тосхоллоругар: «тыл биирдиилээн тылларын (лиэксикэтин) биллэрии» [1, 164], «… интерес общества к лингвокультурологии растет. В этой связи еще будет углубляться изучение истории якутского языка: антропонимики, топонимики, языка фольклора, диалектологии и т.п.» [22, 61] – сөп түбэһэринэн көдьүүстээх.

Саха төрүт аһын-үөлүн туһунан балачча элбэх учуонай үөрэппитэ. Өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи үлэлэртэн Р.К. Маак Бүлүү уокуругун нэһилиэнньэтин аһын-үөлүн чинчийэн, социальнай-экэнэмиичэскэй ырытыыны оҥорон, «дьон доруобуйатын туруга мөлтөх» диэн түмүктээбитэ [9, 59].

Этнограф, сыылынай В.Л. Серошевскай саха аһын-үөлүн бөлөхтөрүнэн наардаабыта: кымыс, суорат, тар, хайах, арыы, о.д.а. үрүҥ ас; үүнээйиттэн ас; балык; эт [19, 297-315].

Саха аһын көрүҥүн эгэлгэтин барытын наардаан, бөлөхтөөн, хайдах астанарын ырытан, бөдөҥ үлэни этнограф, фольклорист А.А. Саввин хаалларбыта [13].

Биир эмиэ ураты көрүүлээх учуонай С.И. Николаев-Сомоҕотто астыыр-үөллүүр ньымалар төрүөттэрин быһааран саҥа суолу тэлбитэ [10]. Оттон үүнээйиттэн ас арааһын О.В.  Ионова сиһилии чинчийбитэ [4].

Үрүҥ ас култуура бэлиэтин (код культуры) быһыытынан уратытын фольклор тиэкистэригэр, саха мифологиятыгар олоҕуран Л.Л. Габышева үөрэппитэ [3]. Итиннэ хабааннаах, саха аһы-үөлү ааттыыр төрүөтүн фольклор матырыйаалларыгар тирэҕирэн Т.Н. Николаева чинчийбитэ [11]. Итинтэн көстөрүнэн, саха төрүт аһын-үөлүн үөрэтии устуоруйа, этнография, культурология киэлитинэн добуочча ырыппыт буоллахтарына, тыл хайысхатынан үөрэтии кэмчи.

Ити үлэлэргэ олоҕуран, бу ыстатыйаҕа саха төрүт аһын үөлүн тиһигиттэн (система) «бурдук ас» диэн тыл бөлөҕүн ырытан көрүөхпүт. Онуоха саха төрүт аһын бастааҥҥы уратыларын арыйарга түөлбэ тылын матырыйааллара ордук көдьүүстээх буолуохтара диэн 1976, 1995 сылларга тахсыбыт икки тылдьыкка тирэҕирдибит.

«Ас-үөл» диэн улахан тыл бөлөҕүн маннык наардыахха сөп: үрүҥ ас; эт ас; балык ас; бурдук ас; үүнээйи ас. Маннык наардааһын аска-үөлгэ  туһаныллар чопчу барамайдары (предметы – продукты) биир ас-үөл көрүҥүн (блюдо) бэлиэтииллэригэр олоҕурар. Оннук наардаммыт ас биир эбэтэр хас да барамайтан турар.

Сорох сабаҕалааһынынан уонна ону бигэргэтэр тыллар баалларынан, сахалар урут туораахтаах култуураны соҕуруу үүннэрэ сылдьыбыттара сэрэйиллэр. Холобур, тараан (просо), чарпа (куруппа), тараан үөрэ (миин, убаҕас хааһы) диэн биирдиилээн тыллар тоҕо эрэ сүппэккэ сылдьалларын академик А.П. Окладников бэлиэтээн турар [5, 244]. Оттон уус-уран хоһуйууга кынаттаах тыл курдук «тараан буолан тарҕаммыт, үөрээн буолан үксээбит» диэн эмиэ баар [6, 3]. Онон сахалар бурдук ыһыытын 1630-1640-с сыллартан [2, 185] хаттаан тилиннэрбит курдук ылсан барбыттара. Оттон бурдугу үүннэриигэ сыһыаннаах тиэрминнэри барытын кэлии дьонтон сүһэн ылбыттара диэн олоҕо суох буолан тахсар.

Бурдук ас диэни «Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытыгар» маннык быһаарбыттар: бурдуктан оҥоһуллубут астар ‘мучные изделия’ [15, 564]. Түөлбэ тылын быһыытынан бурдук ас эгэлгэтэ балачча бэлиэтэнэн түөлбэ тылын тылдьытыгар киирбит: балтаны ‘саламаат; уу саламаат’, ʻполитая маслом каша из муки, заваренной в кипяткеʼ [19, 59]; истэктээх лэппиэскэ, эдь. ʻүрүҥ балык искэҕин ныһыйан баран, бурдук кутан, тиэстэлээн лэппиэскэ оҥорон, хобордооххо балык сыатыгар буһарыллыбытаʼ [14, 80]; иэдьэгэй лэппиэскэ, горн., мэҥ. ʻиэдьэгэйтэн оҥоһуллубут лэппиэскэʼ [14, 82]; кутуу лэппиэски, өлөөн. ʻхалытыы лэппиэскэ ʼ [14, 95]; кыччыгынас, лен. ʻарыы төбүрэҕэр мэлии бурдугу кутан, хобордооххо хооруллубутаʼ [14, 106]; кээрпик, алл. ʻүрүҥ бурдук чэйгэ кутан сиир курдук кураанахтыы хобордооххо хооруллан буспутаʼ [19, 147]; лабырык, бүл., лен., сунт., үө.-бүл. лабырыай, үө.-бүл. ‘улахан алаадьы’ [14, 149], лабарай ‘ынах бастааҥҥы уоһаҕар кыра бурдук эбэн буһарыллыбыт улахан алаадьы’ [17, 68]; луобай, х.т., бүл. ʻсаламаатʼ [14, 115]; марамаай, усуй. ʻискэххэ бурдук булкуйан оҥорбут лэппиэскэ’ [19, 157]; ньоҕойуулаах лэппиэскэ, у.-алд. ʻарыыга тооромостоммут итии лэппиэскэʼ [19, 179]; олорбох, өлүөх., олорбо, сунт. ʻсүөгэйгэ ытыйан хобордооххо буһарбыт хойуу саламаатʼ [14, 143], ‘сүөгэйгэ сыаны, эти уонна бурдугу бииргэ буһаран оҥорбут ас’, ‘кыынньарыллыбыт сүөгэйгэ … ас’ [18, 266]; отон хааһы, өлүөх. ʻотоҥҥо бурдугу былаан буһарыллыбыт арыылаах хааһыʼ [19, 147]; саламаат, эдь. ʻхобордооххо кэриэдиллибит мэлии бурдугу ууга ытыйан баран, сыа эбэн буһарыллыбытаʼ [14, 156]; сана ‘өлбүт киһини таһаарарга уонна ахтыытыгар астанар куруппа хааһы’ [19, 203]; сиэҥки, үө.-хал. ʻчэйгэ булкуйан иһэргэ кэриэрдиллибит мэлии бурдукʼ [19, 210]; уруу саламаата, эргэр., сунт. ʻсыбаайбаҕа аһанар эттээх, сыалаах, арыылаах саламаат’ [14, 206]; халытыы, бүл. ʻхобордооххо халытан буһарыллыбыт лэппиэскэʼ [14, 215]; хатарба ‘хаппыт үрүмэʼ, бул., дьааҥ., долг., сакк. ‘оҕунуоҕа суох лэппиэскэ’, у.-май. ‘хаппыт эт, балык’ [19, 285]; эҥсии саламаат, у.-май. ʻсаламаат арааһаʼ [19, 321]; хоогур ʻкуһаҕан бурдуктан оҥоһуллубут хоччорхой лэппиэскэʼ [19, 291].

Омос көрдөххө, бурдук аспыт арааһа кэмчи курдук. Дьиҥинэн, сахалар сүөһү иитэр буолан, үрүҥ ас көрүҥэ баһыйарын болҕомтоҕо ыллахха, бурдук ас олус аҕыйаҕа суох. Бурдук ас ааттарын ураты бэлиэлэринэн өссө маннык наардыахха сөп:

  1. Киирии тыллар: лэппиэскэ: лепешка ‘лепить’ диэн туохтууру кытта ситимнээбиттэр [24, 75]; отон хааһы славян тылларыгар барыларыгар кэриэтэ тарҕаммыт хойуу диэн суолталаах ас көрүҥэ [23, 105].
  2. Саха бэйэтин тыла: саламаат. М. Фасмер тылдьытыгар В. Даль, о.д.а. сигэнэн, ‘болтушка, жидкая каша’ диэн быһаарар [21, 549]. А.А. Саввин саламааты түүр омуктарга баар төрүт аспыт диэн быһаарар [13, 224]. Калмыктарга уонна арҕааҥҥы бүрээттэргэ саламат эбэтэр зөөхэй кааша диэн бурдук астаахтар. Оргуйа турар ынах арыытыгар эбэтэр хой сыатыгар бурдугу эбэллэр уонна хойдуор диэри булкуйаллар [12, 134].

Эҥсии саламааты А.А. Саввин эҥсий саламаат диэн бэлиэтээбит [13, 224]. Эҥсии ‘окачивание, обливание’ [25, 542] диэн быһаарбыттарыттан таһаардахха, олбу-солбу бурдугу, арыыны кута-кута сыстыбатын диэн хамсаталлар эбит: «в процессе варения, чтобы тесто не подгорело, котел время от времени повертывают из стороны в сторону» [13, 224].

Сахалыы ааттар төрүөттэрэ (принципы номинации) үксүгэр аһы астыыр ньыманы, ас тутулун кытта ситимнээхтэр: халытыы – халыччы кутан буһараллар; хатарба – арыыга буһарбакка эрэ көннөрү уокка сырайан хатараллар; олорбох – олус хойуутуттан ааттаммыт буолуон сөп; лабырыай, лабырык – кээмэйиттэн көрөн.

Доруоһата суох лэппиэскэ түүр омуктарга эмиэ тарҕаммыт [13, 224]. Ньоҕойуулаах лэппиэскэ ньоҕоро ‘жижа, гуща чего-л.’ [18, 124], ол эбэтэр хойуу диэн өйдөбүлтэн ааттаммыт буолуон сөп. Кутуу лэппиэски – убаҕас тиэстэттэн оҥоһуллар, арыыга кутан буһарыллар. Кыччыгынас: кыччыгынаа, тыаһы үтүктэр туохтуур, ‘саҥа таһаарбакка эрэ ыгыста-ыгыста олус улахана суохтук муннугун тыаһат’ [16, 409] диэн суолтатыгар чугаһатан, арыыга буһар тыаһынан ааттаабыт буолуохтарын сөп.

Астар ааттарын итинник наардааһын сахалар билиҥҥи Саха сирин уһуннук уонна уруккуттан баһылаан-көһүлээн, киэҥ сиринэн тайаан тарҕанан олорбуттарын, баралларын-кэлэллэрин арыйар. Төһөнөн ас көрүҥэ (холобур, лэппиэскэ) элбэх да, соччонон оччотооҕу саха ханан олорбутун, ханнык ас ордук элбэҕин, бурдугу үүннэрии төһө сайдан испитин көрдөрөр. Синонимнар суохтара биири ыйар – киэҥ сиринэн ыраах-ыраах олорбуппутун. Холобур, Усуйаана уонна Эдьигээн түөлбэ тыллара (говордара) сүнньүнэн балыктаан ииттэн, аһаан-таҥнан олорбуттарын туоһулууллар. Оттон төһөнөн бурдук ыһар сирдэрэ киэҥ, соччонон оҥоһуллуута уустугурар, ыал сэниэ буолар, ас холбоһуга элбиир, сиппит-хоппут бүлүүдэ үөскүүр.

Бу ыстатыйаҕа киирбит астар ааттара (лэппиэскэттэн ураты) түөлбэ тылыгар көспүт төрүөттэрэ астаммат буолбуттарыгар сытар. Ол аата саха олоҕо-дьаһаҕа сыыйа-баайа уларыйан, төрүт дьарыкпыт кыараҕастыйан, тастан киирэр ас элбээн, тыл эмиэ бэлиэтиир барамайын кытта туттуллар араҥаттан туораан хаалар. Онуоха үөрэх-билии сайдан, саха тыла сурук тылыгар күүскэ охтон, литературнай нуорма тыла бигэтийэн, саҥарар саҥаҕа сылдьыбыт тыл араҥата эргэрбит араҥаҕа көһөн биэрэр.

Түмүктээн эттэххэ, «бурдук ас» тыл бөлөҕө баар буолбута даҕаны сахалар бурдугу үүннэрии курдук үрдүк култуураны баһылаан, төрүт ас-үөл быстыспат сорҕото оҥорбуттара үгүһү этэр. Тыйыс айылҕаҕа ас култууратын саҥаттан үөскэтэн, иитиэхтээн, ону сайыннаран, остуолга ууруллар бэлэм аска диэри тиэрдии саха омук тыыннаах буолар туһугар туруулаһар кыаҕын, мындырын эрэ буолбакка, дьыл кэмнэрин кытта дьүөрэлээн, кэмигэр хомуйан, сөпкө астаан, харайан, быстыбат тиһиктээх үлэни-хамнаһы тэрийэн, ирбэт тоҥҥо ханнык да омук оҥорботоҕун саха омук кыайа туппутун илэ-бааччы арыйан биэрэр.

Литэрэтиирэ: 

  1. Алексеев М.П. Билиҥҥи саха тылын үөрэҕин тускула / О.Н. Бетлингк и вопросы тюркской филологии: сб. науч. ст. – Якутск: Изд-во ИГИиПМСН СО РАН, 2013. – С. 162-165.
  2. Башарин Г.П. История аграрных отношений в Якутии (XV-XVII-середина XIX в.) в двух томах: Т. I: Аграрные отношения с древних времен до 1770-х годов / предисл. В.Н. Иванова; примеч., коммент. Н.Г. Башариной, Г.В. Башариной; отв. ред., д. истор. н., профессор В.Н. Иванов. – М.: Арт-Флекс, 2003. – 447 с.
  3. Габышева Л.Л. Пищевой код в якутской культуре: семантика и функции / Этнография, фольклористика и религиоведение Сибири и сопредельных регионов: материалы I Алексеевских чтений «Этнография, фольклористика и религиоведение Сибири и сопредельных регионов» (г. Якутск, 26 апреля 2012 г.), (отв. ред. д.и.н. Е. Н. Романова; сост. Н. В. Павлова). – Якутск: Изд-во ИГИиПМНС СО РАН, 2013. – С. 97-106.
  4. Ионова О.В. Растительная пища якутов / Сборник статей и материалов по этнографии народов Якутии. Вып. 2.Якутск, 1961. С. 26-40.
  5. История Якутской АССР: в 3 томах / Акад. наук СССР, Ин-т яз., лит. и истории Якут. фил. АН СССР. – М.; Л.: Изд-во АН СССР;Т. 1: Якутия до присоединения к русскому государству / А.П. Окладников; отв. ред. Л.П. Потапов. – 2-е изд., доп. и перераб. – 1955. – 430 с.
  6. Ксенофонтов Г.В. Новая история происхождения якутов // Автономная Якутия. – 1927. – 14 августа. – № 185. – С. 2-3.
  7. Ксенофонтов Г.В. Ураангхай-сахалар. Очерки по древней истории якутов. Т. 1, 1-я книга / Г.В. Ксенофонтов / Художник М.Г. Старостин. – Якутск: Нац. изд-во Республики Саха (Якутия), 1992. – 416 с.
  8. Ксенофонтов Г.В. Ураангхай-сахалар. Очерки по древней истории якутов. Т. 1, 2-я книга / Г.В. Ксенофонтов / Художник М.Г. Старостин. – Якутск: Нац. изд-во Республики Саха (Якутия), 1992. – 315 с.
  9. Маак Р.К. Пища населения Вилюйского округа /
    Вилюйскийокруг Якутской области. Санкт-Петербург: тип. и хромолит. А. Траншеля, 1887. – Ч. 3. – С. 51-60.
  10. Николаев С.И. Пища якутов (в свете соседних культур). – Якутск: Якутский край, 2010. – 165 с.
  11. Николаева Т.Н. Пища «белая» и «черная» в якутской лингвокультуре // Филологические науки. Вопросы теории и практики. – – № 7(61). – Ч. 2. – C. 151-152.
  12. Рассадин В.И., Тимофеева С.М. Лексика некоторых продуктов традиционного мясного, мучного и растительного питания в халхаском, бурятском и калмыцком языках // Вестник Калмыцкого института гуманитарных исследований РАН. – 2016. – № 4. – С. 132-136.
  13. Саввин А.А. Пища якутов до развития земледелия (опыт историко-этнографической монографии) / подгот. текста, ввод. ст., послесл., коммент. и примеч. д.и.н. Е.Н. Романовой (отв. ред.); литер. ред. Н.И. Дегтярева. – Якутск: ИГИ АН РС (Я), 2005. – 376 с.
  14. Саха түөлбэ тылын тылдьыта: Эбии том / сост. М.С. Воронкин, М.П. Алексеев, Ю.И. Васильев. – Новосибирск: ВО «Наука», 1995.– 296 с.
  15. Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта / Под ред. П.А. Слепцова. Новосибирск: Наука, 200 – 912 с. (Буква Б).
  16. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. V: (Буква К: күөлэһис гын – кээчэрэ) / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука, 20 – 616 с.
  17. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. VI: (Буквы Л, М, Н) / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука, 20 – 519 с.
  18. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. VII: (Буквы Нь, О, Ө, П) / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука, 201 – 519 с.
  19. Саха тылын диалектологическай тылдьыта / сост П.С. Афанасьев, М.С. Воронкин, М.П. Алексеев. – М.: Наука, 1976. – 391 с.
  20. Серошевский В.Л. Якуты. Опыт этнографического исследования. 2-е изд. – М., 1993. – 736 с.
  21. Фасмер М. Этимологический словарь русского языка. В 4 т. Т. 3 (Муза-Сят) / Пер. с нем. и доп. О.Н. Трубачева. – 2-е изд., стер. – М.: Прогресс, 1987. – 832 с.
  22. Филиппов Г.Г. История изучения якутского языка и ее перспективы // Вестник ЯГУ. – 2006. – Том 3. – № 4. – С. 58-63.
  23. Этимологический словаь русского языка. Вып. 8: К / Под рук. и ред. Н.М. Шанского. – М.: Изд-во МГУ, 1982. – 470 с.
  24. Этимологический словаь русского языка. Вып. 9: Л / Под общей ред. А.Ф. Журавлева и Н.М. Шанского. – М.: Изд-во МГУ, 1999. – 240 с.
  25. Якутско-русский словарь. 25300 слов / под ред. П.А. Слепцова. – М.: Советская энциклопедия, 1972. – 608 с.

Кылгатыылар

алл. – Аллайыаха түөлбэтин тыла

бул. – Булуҥ түөлбэтин тыла

дьааҥ. – Дьааҥы түөлбэтин тыла

үө.-бүл. – Үөһээ Бүлүү түөлбэтин тыла

үө.-хал. – Үөһээ Халыма түөлбэтин тыла

бүл. – Бүлүү түөлбэтин тыла

долг. – долганныы түөлбэ тыл

эдь. – Эдьигээн түөлбэтин тыла

лен. – Ленскэй түөлбэтин тыла

мэҥ. – Мэҥэ түөлбэтин тыла

өлүөх. – Өлүөхүмэ түөлбэтин тыла

өлөөн. – Өлөөн түөлбэтин тыла

сакк. – Саккырыыр түөлбэтин тыла

сунт. – Сунтаар түөлбэтин тыла

эргэр. – эргэрбит тыл

у.-алд. – Уус Алдан түөлбэтин тыла

у.-май. – Уус Майа түөлбэтин тыла

усуй. – Усуйаана түөлбэтин тыла

х.т. – харыс тыл

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА