Тэрилтэ хаһаайката Александра Максимова социальнай хантараагынан тэриллибит үлэ туһунан бу курдук билиһиннэрдэ:
— Килиэп буһарыытынан дьарыктаммыппыт үс сыл буолла. Ол кэмтэн кыралаан тэриллэрбитин атыылаһан барбыппыт. Быйыл 500 тыһыынча солкуобайы социальнай хантараакка ылан, сэтинньигэ эбии килиэп буһарар тэрил атыыластыбыт. Бу иннинэ тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтиибэ үүт тутар дьиэтин атыыласпыппыт. Эргэ 5х5 иэннээх дьиэни саҥардан, 3х5 иэннээх хоһу эбии тутан, дьоҕус бэкээринэбитин үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдыбыт.
Күҥҥэ 60-ча килиэби буһарабыт, былдьаһыгынан бүтэр.
Эбии минньигэс бурдук астары астыыр былааннаахпыт.
Биэс оҕолоохпут — түөрт кыыс, биир уол. Улахан кыыспыт пуобар-кондитер үөрэҕэр үөрэнэр. Бүтэрдэҕинэ бэкээринэбитигэр кэлэн үлэлиир былааннаах.
Ити курдук, Төлөй Максимовтара социальнай хантараагы таба туһанан, нэһилиэккэ олус наадалаах бэкээринэни үлэлэтэн, дьон махталын ылаллар, суруйда Елена Потоцкая, «Саха сирэ» хаһыат.
This post was published on 28.12.2023 14:01 14:01