Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгэр олохтоохтор 25 сыл кэриҥэ туруорсубут ыра санаалара туолла. 140 миэстэлээх, икки мэндиэмэннээх саҥа таас оҕо саадын сыбаайата түһэрилиннэ.
Оҕо саадын тутуутун бэдэрээтчит Яков Ефимов салайааччылаах «Северный дом» ХЭТ үлэһиттэрэ 2017 сыл үөрэх дьылыгар үлэҕэ киллэртэрэр былааннаахтар. Бу тутуу Майаҕа, Аллараа Бэстээххэ 240-нуу миэстэлээх оҕо саадтарын курдук судаарыстыбаннай-чааһынай бииргэ үлэлээһин быһыытынан ыытыллар.
Төҥүлү нэһилиэгин баһылыга Анатолий Плотников улуус баһылыгар Николай Старостиҥҥа уонна Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах ДьУоКХ, тутуу дьыалаларыгар бастайааннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр Александр Романовка оҕо уһуйаана тутуллуоҕа диэн эрэннэрбиттэрин толорбуттарыгар махтанна. Мустубут дьону улуус баһылыга Николай Старостин, оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, «Алмазэргиэнбанк» ААУо улуустааҕы салаатын салайааччыта Данил Шамаев, уо.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Кырачааннар көмүс уйалара үйэлээх буоллун диэн СӨ култуура туйгуна Анатолий Скрябин алҕаата. «Олимпионик» оҕо саадын иитиллээччилэрэ дьэрэкээн саардары мэҥэ халлааҥҥа көтүттүлэр.
This post was published on 28.04.2016 18:08 18:08