22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үтүө киһи Чөркөөх Баһылайын бэлиэ күнэ сирдээҕи олоҕун курдук дэлэйдик, астыктык ыытылынна

Хаартыска: Светлана Халгаева тиксэриитэ
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 16 күнүгэр Чөркөөҕү иккис дойду оҥостубут, үлэлээн-хамсаан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн сирдээҕи дьолу билбит Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Василий Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 75 сылынан “Санаам курдук сайаҕастык” диэн ааттаах тэрээһин ыытылынна.

Василий Андреевич туһунан кыратык сырдатан аастахха, кини киһи, үлэһит быһыытынан чөркөөхтөргө олус үтүө өйдөбүлү хаалларбыта. Идэтин дэгиттэр баһылаан сааһын тухары арыы собуотугар эҥкилэ суох үлэлээбитэ. Бу сыралаах үлэтэ тиллэн Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ ааты ылыан ылбыта, Баһылай Алексеев арыыта дуо дэттэриэн дэттэрбитэ. Хас да төгүллээн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын дьаарбаҥкатыгар, дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка тиийэ кыттан арыыбыт аатыран-сураҕыран, эгэлгэ махтал суруктарынан хайҕанан хатаҕаланан кэлбитэ. Бу барыта идэни ис сүрэхтэн ылыныы, таба тайаныы, арыы оҥорор кистэлэҥи толору баһылааһын туоһута.

Олоҕун биир уран тапталынан Баһылай Андреевичка – иһирэх лиирикэ, хоһоон хонуутун умсулҕана этэ. Кини бэйэтэ ахтыбытынан, хоһоону 13 саастааҕар айбыт. Ыраах сытар Үөһээ Бүлүү Дүллүкү оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан 13 саастааҕар хоһоон суруйан олохтоох хаһыакка, салгыы “Бэлэм буол” хаһыатыгар бэчээттэнэн көтүөҕүн кыната суох буолбута. Онон оҕо сааһыттан уйаҕас лиирикэ кинини билиэн ылбыта. Арай тыа хаһаайыстыбатын төһүү үлэһитэ уонна уйан лиирикэ кэккэлэһиэ суохтарын курдуга… Василий Андреевич суруйар идэтигэр учууталынан, сиэтэн киллэрээччинэн Саха сирин народнай поэта-прозаига Семен Руфов буолар. Ол ыраах Дүллүкү оскуолатын үөрэнээччитэ ыыппыт “Күрүнчээммин таптыыбын” хоһоонун Үөһээ Бүлүү хаһыатыгар наардаан таһаарааччы Семен Руфов этэ. Кэлин народнай суруйааччы уонна Баһылай Андреевич чугас аймахтыы курдук билсибиттэрэ. Семен Руфов кинини “Чөркөөх Баһылайа” диэн ааттаабыта. Хоһооннорун хомуурунньуктарын таһаарар редактора эмиэ кини. Сэмэн Тиитэбис: “Чөркөөх Баһылайа поэзияны муҥура суох таптыыр, онно бастыын бэриниилээх, поэт буоларга туохтан да торуллубат баҕата, дьулуура улахан”, — диэн эппиттээх.

Баһылай Андреевич баара буоллар бу күннэргэ 75 сааһын туолан таптыыр дьонун-сэргэтин, оҕолорун-сиэннэрин сылаас эргимтэлэригэр олорон төһөлөөх үөрүө-көтүө этэй? Ол эрээри дьылҕа анааһына атын, ыарыылаах, хараастыылаах. Кини сырдык аатын кэргэнэ Екатерина Ивановна үрдүктүк тутан, үйэтитэн үгүс үлэни ыытта. Олортон биир боччумнааҕынан аһаҕас халлаан анныгар турар Чөркөөх музейыгар Баһылай Андреевич төрөөбүт балаҕанын-дьиэтин куоппуйатын бэйэтин үбүгэр туттаран бэлэхтээбитэ буолар. Манна поэт суруйбут хас да халыҥ тэтэрээттэриттэн саҕалаан туруу үлэһит олоҕун суолун көрдөрөр тус маллара-саллара көрдөрүүгэ тураллар. Кини биир сүрүн дьарыгынан – хаартыскаҕа түһэрии этэ. Туох баар бэчээттиир техниканы барытын булунан хоннохтоохтук ылсыбыта. Чөркөөххө 1970-с сыллар ортолоругар Красногорск-3 проекторынан киинэ устары эмиэ кини саҕалаабыта, нэһилиэккэ биир бастакынан компьютер ылан ону баһылаабыта. Бэчээттиир, хаартыскаҕа түһэрэр өҥөнү оҥорон испитэ. Туох баар саҥа сүүрээни олус түргэнник ылынар айылҕалаах эбит этэ.

Ыраахтан кини аатын ааттаан төрөөбүт Үөһээ Бүлүү Кырыкыйыттан 7 киһилээх делегация кэлэн тэрээһини киэргэттилэр. Ол курдук, делегацияны олохтоох дьаһалта баһылыгын советнига Надежда Николаева салайан илдьэ кэлбит. Ыалдьыттар ортолоругар С.Т.Руфов уола Максим Семенович, “Күрүлгэн” альманах редактора А.Г.Гуринов бааллар. Ыалдьыттары музей научнай сотруднига Изабелла Жерготова улууспут бэлиэ сирдэригэр Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар, Кээрэкээн ойуун мэҥэ өйдөбүнньүгэр сырытыннарда. Музей үлэһиттэрэ “Иэйиим чуораан ымыылара” диэн ааттаах көһө сылдьар быыстапка туруоран тэрээһин ис хоһоонун байыттылар.

Салгыы ыалдьыттар аһаҕас халлаан анныгар турар Чөркөөх музейыгар Баһылай Алексеев музей-дьиэтигэр, мэҥэ өйдөбүнньүгэр тохтоон тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.

Сүрүн ахтыы тэрээһин Былатыан Ойуунускай аатынан орто оскуола аактабай саалатыгар ыытылынна. Манна Октябрьскай нэһилиэк баһылыга А.П.Семенов, Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит ыалдьыттар уо.д.а. ахтылҕан сылаас тылларын анаатылар. Ол курдук Афанасий Гуринов: “Суруйааччы үтүө аата бар дьонун ортотугар баар буолуохтаах”, — диэн туран поэт музей-дьиэтин оҥорторбут огдооботугар Екатерина Ивановнаҕа улахан махталын тиэртэ.

Тэрээһин биир долгутуулаах түгэнинэн олохтоох библиотека эрдэ куйаар ситимин нөҥүө “Эн кэрэҕин, поэзия!” диэн ааттаах хоһоон ааҕыытыгар күрэхтэһии тэрийбитэ. Манна барыта Василий Алексеев 28 хоһооно ааҕыллыбыта, уопсайа 43 киһи кыттыыны ылбыта. Хоһоон ааҕааччылар Дьокуускай куораттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Таатта улууһун нэһилиэктэриттэн олус көхтөөхтүк кыттыбыттара. Кыайыылааҕынан оҕолорго Санаайа Афанасьева (3 кылаас, Чөркөөх), улахан дьоҥҥо Матрена Лукачевская (Чөркөөх), бэйэ хоһоонун ааҕыытыгар Варвара Решетникова –Талбаана (Чөркөөх),  бөлөҕүнэн ааҕыыга оҕолорго “Сайдыс” бөлөх (Чөркөөх, 4 кылаас оҕолоро) ылан наҕараадаларын туттулар, бары кыттааччыларга туоһу суруктар ананнылар.

Уһун-киэҥ, холку баай талым майгылаах, киһи киһитэ Баһылай Алексеевка анаммыт дьоро күн кыырпаҕа суох ыраастык, бэйэтин сирдээҕи олоҕун курдук дэлэйдик, астыктык ыытылынна. Кини аатын үйэтитэр саамай чугас киһитигэр Екатерина Ивановнаҕа истиҥ тыллар ананнылар.

Ааптар: Светлана Халгаева.

Хаартыскаҕа тэрээһин түгэннэриттэн.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА