Түүкээнинэн сырыы тохтуоҕа

Бу күннэргэ Саха сиринайан суолугар баар үрэхтэри туоруур понтон-муосталары хомуйуу саҕаланыа.


«Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрбитинэн, алтынньы 10 күнүттэн Түүкээн үрэх хайысхатынан айан-сырыы бобуллан, сайыны быһа «үлэлии» турбут понтуон-муоста хомуллуо.

Оттон Оччугуй Ботуобуйаҕа баар понтуон-муостаны эмиэ кэлэр нэдиэлэттэн хомуйар былааннаахтар. Ол эрээри күн-дьыл туругуттан көрөн, муосталары көтүрүү болдьоҕор уларыйыылар киириэхтэрин сөп.

This post was published on 07.10.2016 09:00 09:00