Түүкээн үрэҕи туоруур понтуон муоста таҥыллар

«Бүлүү» суолун управлениета ФКУ иһитиннэрбитинэн, Бүлүү федеральнай суолун хайысхатынан чугастааҕы кэмҥэ понтуон-муосталары таҥан туруоруохтара.


Туһааннаах тэрилтэ пресс-сулууспата суруйарынан, Түүкээн үрэххэ бэс ыйын 7 күнүгэр, оттон Оччугуй Ботуобуйаҕа (1151-с км) бэс ыйын 10 күнүгэр диэри понтуон муосталары таҥан бүтэриэхтээхтэр.

Туруоруу болдьоҕо күн-дьыл туругуттан тутулуктаах диэн быһаараллар.

This post was published on 07.06.2017 10:38 10:38