Атырдьах ыйын 1 күнүттэн “Сибээс туһунан” федеральнай сокуону толорор сокуон олоххо киириэ.
Бу күнтэн суотабай сибээс абонена маассабайдык ыытыллар SMS‑суруктартан уонна иһитиннэриилэртэн аккаастанар бырааптаныа. Сокуон түөкүттэртэн көмүскүүргэ туһуланар. Тустаах сайабылыанньаны эпэрээтэргэ тус кабинетынан эбэтэр төлөпүөҥҥэ сыһыарыынан ыытыахха сөп.
Бобуу туруоруллубут кэмиттэн спам уонна кимнэрэ биллибэт дьон төлөпүөҥҥэ эрийиилэрэ тохтуохтара. Өскөтүн сайабылыанньа кэнниттэн миэрэ ылыллыбатаҕына, “Госуслуги” портал нөҥүө үҥсүү түһэриэххэ сөп, суруйда Саха парламент.
This post was published on 01.08.2025 16:51 16:51