Тыа сирин олохтоохторо бүттүүн нэһилиэгинэн турунан, ыраах-чугас олорор биир дойдулаахтарын көмөлөһүннэрэн, араас эбийиэги тутан олоххо киллэрэр үтүө үгэстэрэ урукку сыллартан баар.
Икки үйэ алтыһар кирбиитигэр бу үгэс “Үтүө дьыала” диэн ааттыын үтүө дьыала хамсааһыныгар кубулуйбута. Бу кэм устата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 1157 социальнай эбийиэк тутулунна. Өссө да тутуллуо турдаҕа. “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” Үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Петров быйылгы үлэ-хамнас уратыларын туһунан бу курдук кэпсиир:
— Быйыл “Үтүө дьыала” хамсааһын кэнсиэпсийэтэ олох ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн оҥоһулунна, онон үлэ балаһыанньатыгар кэккэ уларытыылар киллэрилиннилэр. Ааспыт сыллардаах уопуту үөрэтэн баран, сүрүн болҕомто куттал суох буолуутугар уонна хаачыстыбаҕа уурулунна, судаарыстыбаннай экспертиза ыытыллар буолла, көрүллэр үп биллэрдик улаатыннарылынна. Биир эбийиэк кыттыгас үбүлэниитэ 50 мөл. солк. буолла, холобур, оскуола-саад тутуутугар көрүллэр үп 75 мөл. солк. диэри тиийиэн сөп. Ил Дархан Егор Борисов чэпчэтии оҥорор ырычаахтары тобулан иһэргэ сорудахтаабытын олоххо киллэрэн, хаттаан туһаныллар бырайыактары үлэҕэ киллэрэн эрэбит. Холобур, оскуола-саад эбэтэр култуура дьиэтин бырайыагын оҥорон, судаарыстыба экспертизатын ҥөҥүө аһардан, биир кэлим федеральнай реестргэ киллэртэрэн, ханна баҕарар туһанар кыахтанныбыт. Бу улуустарга улахан чэпчэтии буолар, тоҕо диэтэххэ, бырайыагы саҥаттан оҥорторон түбүгүрбэттэр, ороскуотурбаттар.
Саҥа балаһыанньа быһыытынан, арыгыттан аккаастаммыт нэһилиэктэргэ тутуллар эбийиэк 70 %-ын судаарыстыба бүддьүөтэ уйунара олохтонно, атыттарга уруккутун курдук 50 %. Итинэн «Үтүө дьыала» хамсааһын чөл олох сиэрин кытары алтыста. Сакаасчытынан улуус буолара быһаарылынна. Урукку өттүгэр эбийиэги туттарар тэрилтэ бэйэтэ сакаасчыт буолара сыыһа эбит, тоҕо диэтэххэ, детсаад уонна оскуола оҕону иитэр-үөрэтэр, оттон култуура киинэ нэһилиэнньэ сынньалаҥын тэрийэр тэрилтэ быһыытынан, устааптарыгар тутууну ыытар бырааптара суох. Инньэ гынан, хаачыстыбаҕа улахан ирдэбил турда.
— Алексей Дмитриевич, бу хамсааһын саҕаламмыт историятын санатыһа түһүөх эрэ.
— «Үтүө дьыала» хамсааһын саҕаланыыта өрөспүүбүлүкэ историятын биир кэрэ-бэлиэ кэрдиис кэмэ. 1999 с. Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата “Улуус 70 сылын көрсө — 70 эбийиэги!” диэн ыҥырыы таһаарбыта. Өрөспүүбүлүкэ Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев Майаҕа тахса сылдьан ону бэркэ биһирээбитэ, оттон атын улуустар хаба тардан ыланнар, бу көҕүлээһини бэйэлэригэр киллэрбиттэрэ. Ити курдук, “2000 сылга – 2000 үтүө дьыала” хамсааһын саҕаламмыта, анал дириэксийэ тэриллэн, салайааччынан Иннокентий Егорович Бочкарев анаммыта. 2003 с. Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Егор Афанасьевич Борисов норуот көҕүлээһинэ бүддьүөттэн өйөнүөхтээх диэн дьаһал таһааран, “Үтүө дьыала” хамсааһынын Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспатын иһинэн киллэртэрбитэ. Иннокентий Егорович Уус Алдан улууһун баһылыгынан талыллыаҕыттан, салайааччынан Иван Софронович Емельянов анаммыта. Мин манна былырыын муус устартан үлэлиибин. Хамсааһын саҕаланыаҕыттан үлэлиир Евсеева Розалия Николаевна саҥа кэлбит исписэлиистэргэ сүбэтэ-амата элбэх.
— Быйылга былааҥҥа төһө эбийиэк киирдэ?
— “Үтүө дьыаланан” тутуу ыыттарыан баҕарар нэһилиэк үгүс. Быйыл куонкуруска 116 сайаапка киирбититэн 39 сайаапканы бигэргэттибит, маны таһынан ааспыт сылга саҕалаабыт тутууларбыт бааллар. Онон, бу сылга 35-тэн итэҕэһэ суох эбийиэги үлэҕэ киллэрэргэ былаанныыбыт. Былырыын 43 эбийиэги үлэҕэ киллэрбиппит.
Ил Дархан Анал этиитигэр “Үтүө дьыала” хамсааһын биһиги өрөспүүбүлүкэбит брендэ буолла диэбитэ. Онон, үбүлээһиҥҥэ улахан болҕомто ууруллан, үп-харчы төһө кырыымчык буоллар, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 350 мөл. көрүлүннэ.
— Ордук көхтөөхтүк ханнык улуустар кытталларый?
— Бары көхтөөхтөр. Ол эрээри, ордук эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһааччыларынан Сунтаар, Ньурба, Өлүөхүмэ, Горнай уонна Чурапчы улуустарын холобурдуохха сөп.
— Хотулар хайдахтарый?
— Эмиэ кытталлар. Бу улуустарга тутуу матырыйаала кыһыҥҥы суолунан эрэ илдьиллэрин учуоттааммыт, харчыны урутатан көрөбүт. Манна эбэн сорох улуустар тиэйэр-таһар үлэни бэдэрээтчиккэ эрэ сүктэрбэккэ, ороскуот сорох чааһын уйуналлара олус улахан чэпчэтиини оҥорор. Ханна олохтоох дьаһалта өйүүр, нэһилиэнньэ маһы бэлэмнээһинтэн саҕалаан араас бытархай үлэҕэ субуотунньугунан көмөлөһөр сиригэр үлэ кудуххайдык барар, нэһилиэнньэ бэйэтэ хонтуруоллаһар эбийиэктэрэ хаачыстыбалаахтык тутуллаллар, кэмигэр үлэҕэ киллэриллэллэр.
— Урукку сыллартан соһуллан кэлбит эбийиэктэр төһө баалларый?
— Оннук эбийиэктэр Бүлүү Сыдыбылыгар, Нам Кыһыл дэриэбинэтигэр, Муома улууһун Хонуутугар, Алдан Кутанатыгар уонна Усуйаанаҕа бааллар, сорохтор 2009 сылтан соһулла сылдьаллар. Кыһалҕалаах эбийиэк үөскээһинэ сүрүннээн бырайыагы уларытыыттан тахсар, тутар саҕана бырайыага араастан уларытыллыбыт-тэлэритиллибит эбийиэк уустугурар идэлээх. Биһиги саҥаттан ааҕан-суоттаан, бу эбийиэктэри быйыл хайаан да ситэрэн киллэрэр сыалы-соругу туруорунан үлэлии сылдьабыт.
Хаартыскаҕа: Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр Анастасия Лыткина аатынан Култуура киинин арыйыы үөрүүлээх түгэниттэн. Инники күөҥҥэ хаҥастан бастакы: “Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ” Үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Петров.
This post was published on 27.03.2018 10:15 10:15