Түбэй Дьаархан «Айыс» култуура киинигэр бильярка күрэхтэстилэр. Киин үлэһиттэрэ сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар барыахтарын иннинэ, түмүк тэрээһини ыыттылар.
Манна кытта Элгээйиттэн, Кутанаттан уонна Түбэй Дьаархантан бэйэтиттэн барыта 21 оонньооччу кэлбит.
Икки күннээх эрийсиилээх киирсии түмүгүнэн элгээйилэр күннээтилэр. Яковлев Борис биир дойдулааҕын Трофимов Виктор үһүс оонньуутугар эрэллээхтик хотон, чҥмпүйүҥн үрдүк аатын ылла. Виктор бастаан кыайан баран, иккиһигэр хоттордо, үсүһүгэр син эристэ эрээри иккискэ тэбилиннэ. Үһүс миэстэни Титов Юрий ылла. Бастаабыттар, бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр грамотанан, мэтээлинэн уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Бу сырыыга төрдүс миэстэҕэ, былыргы охчут бэрдэ, Кутана ытык кырдьаҕаһа Максимов Борис тахсан, грамота уонна сыаналаах бэлэх тутан, үөрэн-көтөн дойдулаата.
Оонньууну Потапов Фрументий судьуйалаата. Күрэхтэһии олус көхтөөхтүк барда.
Оонньуу барарын устатыгар Потапова Нина уонна Петрова Ангелина күрэхтэһии кыттыылаахтарын минньигэс аһынан күндүлээтилэр.
Миронов Станислав күрэхтэһии тэрээһинин туһунан маннык диэтэ: «Олохтоох кулууп үлэһиттэрэ күрэхтэһиини олус үчүгэйдик тэрийбиттэр. Аһылыктарын арааһа – ис миинэ, плов, бэрэски, алаадьы, нуучча лэппиэскэтэ, салаат барыта баар. Порциялара даҕаны элбэх».
This post was published on 15.06.2016 12:47 12:47