Ветеринария лабораторияларыгар үүт анаалыһыгар биир сыана олохтонно. Маныаха чинчийии сыаната 30% кыччаата. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи ветеринария Департамена тустаах бирикээһи 2021 сыл кулун тутар 30 күнүгэр таһаарбыт.
Докумуоҥҥа суруллубутунан физическэй сирэйдэргэ ыйдааҕы анаалыс 617 солк. (НДС кытары 741 солк.), юридическай сирэйдэргэ — 650 солк. (НДС кытары 782 солк.) тэҥнэспит. Кыбаарталлааҕы анаалыс (физическэй сирэйдэргэ) – 3 431 солк. (НДС кытары 4 116 солк.), юридическэй сирэйдэргэ – 3 618 солк. (НДС кытары 4 342 солк.).
Сиһилии манна көр https://ysia.ru/stoimost-issledovanij-syrogo-moloka-vetlaboratoriyami-v-yakutii-snizilas-na-30/
This post was published on 07.04.2021 17:02 17:02