Сыырдаах оскуолатын юннаттара бастакы оҕурсууларын амсайдылар

 Бүгүн Уус-Алдан Бэрт Ууһун нэһилиэгин Сыырдаах орто оскуолатын «Юннат» куруһуогун чилиэннэрэ кылаастарыгар үүннэрэр бастакы оҕурсууларын амсайдылар.


«Сыл аайы биология уонна химия кэбиниэтин түннүгэр оҕурсуу үүннэрэн сиибит. Быйыл кулун тутар бүтүүтэ  алта угу олордубуппут. Үлэ уруогун учууталыгар Василий Андросовка улахан хорууда сакаастаан оҥорторбутум. «Юннат» куруһуокка 6-8 кылаас үөрэнэччилэриттэн уонча оҕо дьарыктанар», — диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр куруһуок салайааччыта, биология уонна химия учуутала Лариса Черкашина.

Куруһуокка сылдьар оҕолор оҕурсууларын бэйэлэрэ көрөллөр-харайаллар эбит. Өрөбүл күннэргэ кэбиниэт лаборана Калерия Слепцова уу кутар.

Оҕолор оҕурсууларын олордоот да, чинчийэн уонна үөрэтэн бараллар эбит. Ол курдук быйыл муус устар саҥатыттан ыла ааҕан-суоттаан баран, сиппит уонча устууканы хомуйан, оскуолаларын остолобуойугар туттардылар. Бу күлэ-үөрэ турар Лариса Анемподистовна үөрэнээччитэ, алтыс кылааска үөрэнэр Дайаана Слепцова бүгүн бастакы оҕурсууну ылар чиэскэ тигистэ.

Оҕуруоттарын аһа бүгүн эбиэт кэмигэр төгүрүктүү быһыллан, ристээх ойоҕос торуойга бэртээхэй эбилик буолла.

Куруһуок салайааччыта Лариса Черкашина бэлиэтииринэн, бу иннинэ икки оҕурсууну быһан амсайа сылдьыбыттар. «Былырыын муус устар 31 күнүгэр бастакы оҕурсуубутун амсайбыппыт. Онон быйыл хойуутаан сиэтибит. Мин бастакы үүнүүбүтүн инстаграмҥа «ыйаабытым». Ол батсаапка тарҕана охсон, бэйэбитигэр сонун буолан кэллэ. Онон социальнай ситим үлэ уопутун тарҕатарга бэртээхэй ньыма эбит», —диэн санаатын үллэстэр тыа сирин учуутала.

«Юннат» куруһуок оҕолоро нэһилиэктэрин ойууругар тахсан айылҕа тыллыытын, оту-маһы эмиэ үөрэтэллэр. Холобура, мин учууталларын кытта кэпсэтэр кэммэр, юннаттар тыллан эрэр тииттэри үөрэтэ сылдьаллара.

Ити курдук, тыа сирин оҕото күннээҕи түбүктэн — оҕуруот аһын олордууттан саҕалаан, төрөөбүт сирин айылҕатын, кыылын-сүөлүн үөрэтэн, Сахатын сиригэр дэгиттэр туһалаах буола улаатар.

edersaas.ru

This post was published on 11.05.2017 11:29 11:29