Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр Кымньыылаах уулусса өрөмүөнүн түмүктээтилэр. Бу туһунан Дьокуускай уокурук дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Өрөмүөннэммит учаастак уһуна 1 км. 434 м. Үлэ «Куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Бэдэрээтчитинэн АО «РИК Автодор» үлэлээтэ. Уулуссаны аан бастакытын асфльтаатылар, ону сэргэ саҥа суол бэлиэлэрин оҥордулар. Эбийиэги атырдьах ыйын 2 күнүгэр туталлара былааннанар.
Тулагы-Киллэм нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччыта Егор Попов этэринэн, Сыырдаах нэүилиэгин олохтоохторо үлэ хаачыстыбатын астынннылар.
This post was published on 31.07.2023 16:52 16:52