“СЫТС”: Сатаҕайдар эмиэ бастаатылар!

Үс күннээх илиинэн үлэ күрэхтэһиитэ Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгэр буолан бүттэ. “Саха ыччатын – тыа сиригэр” бырайыак быйыл аммалар ыҥырыыларынан Абаҕатааҕы Строд аатынан “Илгэ” тэрээһиннээх хаһаайыстыба баһылаан олорор Дьаам диэн сайылыгар ыытылынна.


Уопсайа тоҕус хамаанда илин-кэлин түһүстэ. Солуур оргутуутун, ынах ыаһынын, оту охсуу уонна канаат тардыһыы түмүгүнэн, уопсай суокка, Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгин хамаандата бастакы миэстэҕэ тахсан, 70 тыһ.солк. уу харчынан наҕараадаланнылар. Иккис миэстэҕэ Горнай улууһун Орто-Сурт хамаандата таҕыста. Оттон үһүс миэстэ күрэхтэһии хаһаайыттарыгар Абаҕа нэһилиэгин “Дьөгүөрүскэ сиэттэрэ” хамаандаҕа тигистэ.

Балаһыанньа быһыытынан уопсай түмүккэ оту субуулааһын, мунньуу, кэбиһии түһүмэхтэрэ буолуохтаахтар этэ. Ардах мэһэйдээн, оту охсууга балаһыанньаны уларытан, хамаандаттан икки саамай иҥиирдээх уолаттар күрэхтэстилэр. Манна былырыыҥҥы чөмпүйүөннэр Амма улууһун Сатаҕай нэһилиэгиттэн сылдьар бырааттыы Васильевтар уонна Окороковтар дьиэ кэргэннэрин хомуур хамаандата иннин кимиэхэ да биэрбэтэ. Уолаттар бэриллибит сири чаас ордугунан охсон кэбистилэр.

Оту охсуу кэнниттэн, аны кыргыттар ынаҕы ыаһыҥҥа күрэхтэстилэр. Маныаха “Илгэ” кооператив титиигэр тоҕус ынаҕы кэчигирэтэн, кыаһылаан, үс мүнүүтэ иһигэр ким төһө лиитэрэ үүтү ыабытынан түмүк таһаардыбыт. Күрэхтэһээччи кыргыттар ынахтары сэрэбиэй быһыытынан таллылыр. Сатаҕай хамаандатын кыыһа Варвара Васильева 4,6 л үүтү ыан, утарылаһааччы кыргыттарын ырааҕынан хааллартаата. “Бу түһүмэххэ былырыын эмиэ кыттыбытым, онон быйыл кыһыны быһа кыайардыы турунан, күн аайы ынах ыырга бэлэмнэммитим”, — диэн Варвара санаатын үллэстэр.

Оттон киэһэ өттүгэр ыччат сынньана таарыйа, уолаттар халбас харата хапсаҕайдаатылар, оттон кыргыттар мүһэ былдьастылар. Кутаа тула олорон саха эстрадатын биллэр ырыаһытын Алексей Потаповы кытта гитаранан уонна баянынан ыллаан, үөрдүлэр-көттүлэр. Салгыы доҕордоһуу киэһэтэ сарсыардааҥы диэри буолла.

This post was published on 24.07.2016 16:34 16:34