Сырдык санааны ыралыыр ырыа киэһэтэ Хатаска буолла

Хатастааҕы “Тускул” култуура киинэ «Ырыа — Ньыма, Сатабыл, Туску, Сомоҕолуур Күүс” буоларын табатык өйдөөн, ырыа эйгэтигэр сыаллаахтык дьаныһан туран күүскэ үлэлэһэр. Ол курдук “Арчылаана”, “Кэрэ Куо”, “Сайдам”, “Кэрэли” ансаамбыллар, биирдиилээн ырыаһыттар оҕотуттан ытык сааска үктэниэххэ диэри ким сааһын тухары, ким саҥа саҕалаан, ким 16, 8, 9 сыл анараа өттүгэр тэриллэн, үлэлии-хамсыы, айа-дьайа сылдьабыт.

Кэлиҥҥи уонунан сылларга «ырыа диэтэххэ Луҥха Өлөксөй, Луҥха Өлөксөй диэтэххэ ырыа» диэн өйдөбүл киириэр диэри ырыа туһугар үлэлиир, онно олоҕун анаабыт Алексей Кириллович Калининскай салайыытынан бэрт таһаарыылаахтык ыллаан-туойан, айаннаан, кэлэн-баран Хатаспыт аатын ааттаттыбыт. Кини кэлиэҕиттэн сольнай ырыалар эмиэ атын таһымҥа тахсаннар, араас куонкурустарга, көрүүлэргэ, кэнсиэрдэргэ Любовь Окорокова, Ирина Чиряева, Ольга Покровская, Маргарита Индеева, Ирина Кириллина репертуардарыгар араас хабааннаах ырыалар эбилиннилэр.

2022 сыл ахсынньы ый 17 күнүгэр «Ырыанан алгыстанан» диэн ааттанан Любовь Михайловна Окорокова тус анал кэнсиэрэ буолан ааста. Бу киэһэ ырыа эйгэтэ бириэмэни, кэми-кэрдииһи билиммэккэ куруутун эдэр саас тыынын ыһыктыбат, онно баар сылаас, сырдык дууһа кылын таарыйар дьикти кэрэ дорҕооннор дьиэрэйдилэр, кыттыгас буолан кэккэлэстилэр, аргыс буолан сэргэстэстилэр.

Любовь Михайловна Окорокова аата ырыа-хоһоон диэн өйдөбүллүүн быстыспат сибээстээх. Оҕо эрдэҕиттэн айар-тутар аартыкка эрэллээхтик үктэнэн этэргэ дылы ардаҕы-хаары аннынан отчуттар-масчыттар, сүөһү көрөөччүлэр сынньалаҥнарын киэргэтэн, атын улуустарга баран уопут атастаһан, күрэхтэһэн, Хатас аатын элбэхтэ үрдүк сыанаттан, улахан мунньахтар трибуналарыттан ааттаппыт дьоммутуттан биирдэстэрэ. Ааспыт үйэ 70-80 сылларыгар дойду олоҕун салайан олорбут салалта ырыа айар уонна дьайар күүһүн олус табатык туһанан элбэх үлэни ыытара. Онно ордук үлэ киһитигэр болҕомто улахан буолара — ырыа дьиэрэйэрэ сааскы ыһыы, күһүҥҥү хомуур, сайыҥҥы от кэмигэр – бааһынаҕа, ходуһаҕа, отууга, сайылыкка.

Оччотооҕу кэми Любовь Михайловна олус күндүтүк, чугастык саныыр.

— Любовь Михайловна, Хатаска ырыа, ырыа эйгэтин санаатыҥ да ааттанар дьоннортон биирдэстэрэ эн буолаҕын. Бу кэнсиэри туох диэн санааттан, туох сыаллаах соруктаах тэрийдигит?

— Тэрийиитин «Тускул» култуура киинэ, “Сайдам” ырыа ансаамбыла, оҕолорум тэрийдэхтэрэ. Сыал – сорук диэ… Ырыа иитэр-үөрэтэр, дьайар эйгэтин сырдык сыдьаайыгар, сылаас тыыныгар бигэнэн олорор олоҕум сэһэнэ диэхпин сөп.

Ырыа эмиэ киһи курдук дьылҕалаах, ылланар, тахсар, күөрэйэр-дьиэрэйэр кэмнэрдээх, сэһэргиирдээх, кэпсиирдээх. Бу киэһэ ылламмыт ырыалар Любовь Михайловна олоҕун суолун ытыска олордон биэрэрдии сэһэргээтилэр, кэпсээтилэр.

— Ырыаны таһынан дууһаҕар туох баарын, сүрэҕиҥ кистэлин, олоҕу анаарыыгын хоһоон гынан хоһуйан бэртээхэй дьүһүйүүлэрдээххин. Үгүс хоһоонуҥ баҕа санааны (алгыс) этиинэн түмүктэнэр. Бу туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

— Хоһоон диирим дуу, диэбэтим дуу… Арааһа иэйии киирбитин хоһуйуу диэн буолара буолуо. Баҕа санааны этиим, алгыс тылы анааһыным диэн хайа баҕарар ийэ, эбээ курдук куруутун көлүөнэм ситимэ дьон этэҥҥэ сылдьыахтарын баҕарабын, онон этэргэ дылы бэйэм да билбэппинэн ити эн алгыс диир тылларыҥ төлө көтөн тахсар түгэннэрэ аҕыйаҕа суох.

Оннук ээ, эбээ, ийэ, дьиэ хаһаайката киһи чугас дьоно уу нуһараҥ олохтоох буолуохтарын баҕарара кэмнээх буолуо дуо. Мин санаабар күннээҕи олоххо, дьиэ-кэргэн олоҕун тутулугар ийэ, эбээ киһи этэр тыла, санаатын тиэрдиитэ алгыс буолар бөҕө буоллаҕа дии. Любовь Михайловна ырыанан эмиэ алгыстыы, арыаллыы ыраастыы сырыттаҕа.

Дьэ ити курдук бу киэһэ ыллаабыт-туойбут ырыалара, сүрэҕинэн-дууһатынан ылынан суруйбут хоһооннорун хомуурунньуга “Ырыанан алгыстанан” диэн ааттанан тахсыбыта бу айар киэһэ биир астык сонуна, сэргэх сэһэнэ буолла. Аныгы технология көмөтүнэн бу кинигэҕэ тиксибиттэр, атыыласпыттар манна өссө бу киэһэ сценарийын (ааптар Семенова Е.Е) ааҕыахтарын сөп, кюар-кодунан видео матырыйааллары (айылҕаҕа устуулары), НВКҕа уһуллууну уо.д.а. көрүөхтэрин сөп.

Кэнсиэр киһини сэргэхситэр, кэрэхсэтэр өрүтүнэн Любовь Михайловна Хатастааҕы оҕо ускуустубаларын оскуолатын норуот үнүстүрүмүөннэрин оркестрын доҕуһуолунан икки ырыаны ыллаабыта буолла. Уонунан киһи биир киһи курдук биир санааҕа, биир долгуҥҥа, биир тэтимҥэ киирэн оонньууллара онно уус-уран самодеятельность кыттыылааҕа ыллыыра үгүстэ-элбэхтэ көстүбэт көстүү. Ыллаабыт ырыаларын оркестрга сөп гына бу оскуола баяҥҥа уһуйааччыта Капитонова Светлана Ивановна аранжировкалаан оҥорбута эмиэ киһи махтанар түгэнэ буоллаҕа.

Бу оркестрга оскуола выпускнига, Любовь Михайловна сиэнэ уол Айуол Окороков оонньоспута биир туспа кэпсээн. Кэнсиэр хас биирдии нүөмэрэ тоҕо дииргэ эппиэттээх, хаһан хайдах диэҥҥэ хардалаах, ырыа барыта ол түгэҥҥэ тоҕоостоох буолан сүрдээх истиҥ тыыннаах, долгутуулаах буолла. Манна ырыалары талыыга, бэлэмнээһиҥҥэ Алексей Кириллович Калининскай, Окорокова Татьяна Григорьевна үлэлэстилэр. Бу киэһэ сценаҕа Окороковтар дьиэ-кэргэн бары көлүөнэ дьоно тахсан ким ыллаата, ким үҥкүүлээтэ, ким үнүстүрүмүөҥҥэ оонньоото. Маны этэн эрдэхтэрэ үтүө ыал үөлэһэ куруутун кыымнаах диэн.

Маны таһынан көрөөччүлэр бу киэһэ талаан тарбах таарыйбытынан, дьоһун дьоҕур чочуйбутунан харах халтарыйар кэрэтин, сүрэх өрүкүйэр үөрүүтүн үрүҥ көмүскэ олордубут үтүөкэн маастардардаах «Оһуор утум» үрүҥ көмүс киэргэллэрин астына-дуоһуйа, кэрэттэн-үтүөттэн үөрэ-көтө, сүргэ көтөҕүллэ көрдүбүт.

Кэнсиэргэ кэлбит көрөөччүнү, кыттааччыны “Тускул” КК иһинэн үлэлиир “Төрүт ас” түмсүү (салайааччы Мокрощупова А.М.) далбардара сип-сибилигин хобордоохтон тахсыбыт итии алаадьынан көрсүбүттэрэ ахсынньы аам-даам тымныытын, тумарык туманы сымнатарга дылы гынна, сылаас, ил-эйэ тыыныгар куустарда.

Тэрээһиммит өрөгөй түгэнинэн оҕо эрдэҕиттэн сырдыкка-ырааска, үрдүккэ угуйар кэрэ эйгэтигэр бэриниитин иһин, ырыа сайдарын, тэнийэрин туһугар сүүрбүт көппүт Окорокова Любовь Михайловнаҕа СӨ “Норуот айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэни туттарыы буолла.

Ырыа… Ырыа айыллыбыт анала дьайыы диэҥҥэ сөп түбэһэр. Хас биирдии киһи олорор дойдутун олоҕун кэмин кэрдиитин, олоҕун тутулун туоһута буолар. Онон ырыа сайдыыта-үүнүүтэ, байыыта-тайыыта олох хардыытыттан быһаччы тутулуктаах. Ол да иһин буолуо хас биирдии кэм-кэрдии бэйэтигэр сөптөөх ырыалаах-тойуктаах, сулус дьонноох. Ырыа биир дьиктитэ — ким да ыллаатын, хаһан да ыллаатын, хайа да тылынан буоллун ити мин туспунан, мин дьылҕам туһунан дэттэрэр алыптаах. Ырыа ытатар, ыраастыыр, сүргэни көтөҕөр, аалы көтүтэр, күүскэр күүс эбэр, бэйэҕэ итэҕэли күүһүрдэр, сомоҕолуур, тирэхтиир, ил, эйэ ичигэс тыынын киллэрэр. Онон ырыаны дорҕоон, тыл-өс дьүөрэлэһиитэ, кэрэ кэрэһитэ эрэ диэн өйдүүр тутах. Кини иитэр-үөрэтэр, үйэтитэр дириҥ суолталаах.

Ааптар: Наталья Руфова, Хатас

This post was published on 19.12.2022 12:01 12:01