Кулун тутар 24 күнүгэр “СЫП” экспедиция оҕолоро Бүлүү улууһун Кыһыл-Сыырыгар сылдьан “ЯТЭК” хампаанньа объектарын көрдүлэр. “Ити иннинэ хампаанньа үлэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар инструктаһын ааспыттара. Балтараа чаас иһийэн олорон иһиттилэр», — диэн оҕолору арыаллыыр бөлөхтөн суруналыыс Александр Тарасов иһитиннэрэр.
Орто Бүлүүтээҕи гаас баайдаах сиргэ гааһы хостооһуҥҥа маҥнайгы скважинаны көрдүлэр. Бу сири дьөлө үүттээһин 1963 сыллахха муус устар 25 күнүгэр саҕаламмыта. Итиэннэ 1982 сыллаахха буурдааһына саҕаламмыт 27 №-дээх скажинаҕа сырыттылар. Бу икки, билигин оспут, хаһыылар олохтоох гаас промышленноһын историятын өйдөбүнньүктэрэ буолаллар.
Салгыы неби таҥастыыр объекка тиийэн, неби уонна гааһы булууга, хостооһуҥҥа үрдүкү маастар Юрий Горшенин көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитин иһиттилэр. Оҕолор гааһы куурдуу процеһын ордук сэргээтилэр. Көрсүһүү түмүгүнэн исписэлиистэр: “Промышленность оҕолоро!» — диэн хайҕаатылар.
“ЯТЭК” хампаанньа Кыһыл Сыырдааҕы филиалын кылаабынай исписэлииһэ Петр Кузнецов: “Сылын аайы “СЫП” оҕолорун кытта көрсөбүт. Оҕолор олус болҕомтолоохторун бэлиэтиибит. Ыйытыы бөҕө биэрэллэр. Интэриэстээхтэр. Барытын блокнокка сурунан иһэллэр. Харахтара умайан олороллор», — диэтэ.
Эдьигээн сэлиэнньэтин 2 №-дээх орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ Александр Харбаев: “Аттыбытыгар маннык балысхан үлэ баарын соһуйа көрдүм. Гааһы таҥастыыры таһынан уматык арааһын оҥороллор эбит. Бензин, сэлээркэ бэлэмнииллэр. Исписэлиистэр өйдөнөр гына кэпсииллэр. Биир күн иһигэр олус элбэҕи ылынным, суруннум».
Оҕолор бүгүн Ньурбаҕа бааллар.
This post was published on 25.03.2016 11:00 11:00