Быйыл «Саха ыччатын — промышленноска» ыччаты идэҕэ туһаайар экспедицияны «Эдэр саас» таһаарыы уонна «Мин — Инженербин» уопсастыбаннай тэриллии уон ахсыс төгүлүн ыыттылар.
Дьокуускай куораттан, Хаҥалас, Нам, Горнай, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Амма, Сунтаар, Мирнэй улуустарыттан барыта сүүрбэ үөрэнээччи кытынна. Оҕолор «Дьокуускай — Алдан — Нерюнгри — «Восточнай» космодром — Дьокуускай» хайысханан айаннаатылар, Саха сирин уонна Уһук Илин бырамыысалыннаһын кытта билистилэр. Экспедиция кулун тутар 27 күнүгэр Дьокуускайтан айаннаабыта. Оҕолор Алдаҥҥа «Селигдар көмүһэ», «Газпром Трансгаз Томск», «Полюс Алдан», Нерюнгрига «Якутуголь», «Колмар» хампаанньаларга сырыттылар.
Салгыы оҕолор поеһынан Амур уобалаһыгар Циолковскай куоракка айаннаатылар. Манна «Восточнай» космодромҥа сырыттылар. Экспедицияны «Роскосмос» госкорпорация эрэгийиэннэри кытта үлэҕэ сүрүн исписэлииһэ Елизавета Михеева көрүстэ. Икки күн устата бырамыысалыннаһы интэриэһиргиир оҕолорго аракыата комплексын стартовай площадкатын, погрузочнай комплексы, тэрийэр башняны көрдөрдүлэр. Маны таһынан, оҕолор куорат историятын мусуойугар сырыттылар.
«Маннык баараҕай улахан тутууну ханна даҕаны көрө иликпин, учуонай Циолковскай уонна космонавтика туһунан элбэҕи биллим. Космодромтан аракыата көтөр видеотын, космонавтар таҥастарынн, аракыата макеттарын, чаастарын көрдөрлүлэр», — диэн Дьокуускайтан сылдьар өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин онус техническэй кылааһын үөрэнээччитэ Иван Кириллов кэпсиир.
This post was published on 03.04.2018 17:18 17:18