Ыччаты идэҕэ туһаайар «Саха ыччатын — промышленноска» экспедиция айаҥҥа туруммута үһүс күнэ. Бэҕэһээ кыттааччылар Алдан куоракка сырыттылар. Манна «Селигдар», «Газпром Трансгаз Томск» хампаанньалар үлэлэрин кытта билистилэр, эбийиэктэри көрдүлэр.
«Селигдар» көмүс хостуур холдинг 2012 сыллаахтан Алдаҥҥа үрүҥ көмүс булкаастаах кыһыл көмүһү хостуур. Экспедиция кыттааччылара «Нижнеякокитскай» горноруднай комплекс учаастагар сырыттылар. Оҕолор көмүс хостооччулар олорор усулуобуйаларын кытта билистилэр уонна көмүс хостуур карьерга сырыттылар. Манна рууданы хостоон, илдьиритэр аппараат үлэлиирин көрдүлэр.
Маны таһынан, солохтооһун собуотугар сырыттылар. Тустаах үлэһиттэр уруудаттан туһалаах металларын убаҕас эттиккэ ылҕыылларын туһунан кэпсээтилэр, оператор үлэтин кытта билистилэр. Бу учаастакка олохтоох алданнартан 20% эрэ киһи үлэлиир, үксэ кэлии дьон көмүс хостооһунунан дьарыктанарын иһитиннэрдилэр.
Экспедиция «Газпром Трансгаз Томск» ХЭУо эбийиэктэрин көрдө. Оҕолору магистральный газопроводы эксплуатациялыыр инженер Иван Данилов көрүстэ. Иван бырайыак кыттааччыларыгар гаас турбата ханна кэлэн турарын кэпсээтэ, учаастактарынан сылдьан турбалары иһэрдэн холбуулларын көрдөрдө.
Бүгүн экспедиция Нерюнгри диэки хайысхатын тутар.
This post was published on 29.03.2018 10:00 10:00