“СЫП-15” Таалакааннааҕы ньиэп баайдаах сиргэ сырытта

Бэҕэһээ Ленскэй аэропордуттан Таалакаҥҥа диэри МИ-8 бөртөлүөтүнэн 1,5 чаас көтөн күпсүтэн тиийдибит. Оҕолор «Сургутнефтегаз» ААУо «Талаканнефть» НГДУ ньиэби хостуурга бэлэмниир сыаҕар сырыттылар», — диэн ыччат экспедициятын кэтээн көрөөччү суруналыыс Александр Тарасов кэпсээтэ.


“Талаканнефть” НГДУ производство отделын инженерэ Алексей Гутин арыаллаан, объектары көрдөрдө. “Оҕолору кытта көрсүһүүттэн астынным. Оскуола үөрэнээччилэрэ диэтэххэ, олус сөптөөх ыйытыылары биэрэн соһуталлар. Билиэхтэрин-көрүөхтэрин баҕалара олус. Ити Саша Харбаев диэн уолу сэргии көрдүм. Олох барытын токкоолоһон ыйытан иһэр уонна эппиэти тута сурунар. Этэргэ дылы бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ мин солбуйааччым буолла. Ити уол промышленник буолара буолуо!«, — диэн санаатын эттэ.

Саша Харбаев — Эдьигээн орто оскуолатын 10 кыл үөрэнээччитэ.
Итини тэҥэ 57 №-дээх ньиэп скважинатын көрдүлэр. “1,5 км дириҥнээх түөрт блоктан биирэ резервэҕэ турар», — диэн ньиэби хостуур сыах начаалынньыгын солбуйааччы Сергей Федоров билиһиннэрдэ.

Оттон ньиэби хостуур уонна бэлэмниир сыах операторскайы үлэтин начаалынньык э.т. Евгений Крылатов кэпсээтэ. Оҕолого үлэһиттэр олорор уопсайдарын көрдөрдүлэр. “Үлэһиттэр ыраас, уурбут-туппут курдук дьаһаныылаах дьиэлэрин көрөн, оҕолор промышленниктар олус дьаһаллаахтарын, бэрээдэктээхтэрин бэлиэтээтилэр», — диир Александр Тарасов.

Ыспыраапка:

2015 сылга «Сургутнефтегаз» АУо 61 мөл 621,5 тыһ.туонна ньиэби, ол иһигэр 8 мөл 435 тыһ.туоннаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин территориятыгар хостообут.

This post was published on 30.03.2016 09:03 09:03