"СЫП-15" экспедиция "Сибиир күүһүн" турбаларын оҥоһуутун ыйыталаста

“СЫП-15” экспедиция бэйэтин үлэтин салгыыр. Бүгүн “Газпром Трансгаз Томск” ХЭУо Ленскэйдээҕи линейнэй производственнай гаас ситимин магистралын управлениетын үлэтин билистилэр.


Управление дириэктэрин э.т. Олег Гринер сүрүн үлэ хайысхатын кэпсээтэ уонна “Сибиир күүһэ” гаас турбатын тутуутун көрдөрдө. “Чайындатааҕы гаас баайдаах сиртэн 200-тэн тахса км сиргэ гаас ситимин тардыы бара турарыгар икки вахтовка тиэхиньикэнэн тиийэ сырыттыбыт. Аныгы технологическэй автомат оборудованиенан турбалары иһэрдэн сыһыаралларын оҕолорго көрдөрдүлэр”, — диэн суруналыыс Александр Тарасов кэпсээтэ.

Оҕолор турбаны сыбааркалааһыны анал оборудование кыаҕынан оҥоһулларын, оператор ону кэтээн көрөөччү эрэ буоларын интэриэһиргии көрдүлэр. “Биһиги салалтабыт бу бырайыак суолтатын өйдөөн, тута кыттыһарга сөбүлэҥин биэрбитэ. Ол иһин оҕолору үөрэ-көтө көрүстүбүт уонна туох баар технологическай процеһы көрдөрдүбүт. Бу оҕолор промышленноска кыттар улахан инникилээхтэр. Билигин билбит билиилэрэ өйдөрүгэр хатанан хаалыа уонна инники идэлэрин талалларыгар көмө буолуо диэн эрэллээхпит”, — диэн Олег Гринер эттэ. Салалта билигин идэлээх кадр тиийбэтин бэлиэтээтэ, онон инникитин эмиэ бу бырайыакка куруук кыттыахтарын иһитиннэрдэ.

 

This post was published on 30.03.2016 16:22 16:22