«Хотугу сулус» сылы эргиччи үлэлиир оҕо лааҕырын тутуутун «Саха сирэ» социальнай-экономическай сайдыы инникилээн сайыннарар территориятыгар 2022 сылга түмүктүүр былааннаахтар. Бу туһунан ТАСС-ка «Полярная зведа» ХЭУо тэрийээччитэ Иван Игнатенко кэпсээтэ.
“Эбийиэги бүтэрии былаан быһыытынан – 2022 сыл бастакы кыбаартала. Мин санаабар, 2022 сыл бастакы аҥарыгар оҕолору ылыы саҕаланыа“, – диэтэ Игнатенко.
Кини бэлиэтээбитинэн, эбийиэк тутуутун бэлэмэ 17% тэҥ. “Пандемия болдьоххо оҕуста, ханна баҕарар буоларын курдук. Ити эрээри биһиги тиэмпэни түргэтэтэбит. Сыл бүтэһигэр барыта чуолкайданыа“, – салгыы кини эттэ.
Бырайыак — 1,8 млрд солк тэҥ. Түөрт спальнай корпустаах, спортивнай, үөрэтэр уонна медицинскай блоктардаах, лааҕыр баазатыгар техническай эбии үөрэхтээһин киинэ үлэлиэхтээх уонна уопсай үөрэхтээһини ааһарга онлайн-оскуола.
Биир сменаҕа 350 оҕо лааҕырынан хабыллыан сөп, сылга – 5,2 тыһ. тиийэ киһи. Манна эбии 130 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Инникитин манна оҕо сынньалаҕын Уһук Илиннээҕи оператора тэриллиэн сөп.
This post was published on 29.09.2020 18:04 18:04