25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Сылы эргиччи үлэлиир оҕо лааҕырын тутуутун 2022 сылга бүтэрэр сорук турар

18:04, 29 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Хотугу сулус» сылы эргиччи үлэлиир оҕо лааҕырын тутуутун «Саха сирэ» социальнай-экономическай сайдыы инникилээн сайыннарар территориятыгар 2022 сылга түмүктүүр былааннаахтар. Бу туһунан ТАСС-ка «Полярная зведа» ХЭУо тэрийээччитэ Иван Игнатенко кэпсээтэ. 


Эбийиэги бүтэрии былаан быһыытынан – 2022 сыл бастакы кыбаартала. Мин санаабар, 2022 сыл бастакы аҥарыгар оҕолору ылыы саҕаланыа“, – диэтэ Игнатенко.

Кини бэлиэтээбитинэн, эбийиэк тутуутун бэлэмэ 17% тэҥ. “Пандемия болдьоххо оҕуста, ханна баҕарар буоларын курдук. Ити эрээри биһиги тиэмпэни түргэтэтэбит. Сыл бүтэһигэр барыта чуолкайданыа“, – салгыы кини эттэ.

Бырайыак — 1,8 млрд солк тэҥ. Түөрт спальнай корпустаах, спортивнай, үөрэтэр уонна медицинскай блоктардаах, лааҕыр баазатыгар техническай эбии үөрэхтээһин киинэ үлэлиэхтээх уонна уопсай үөрэхтээһини ааһарга онлайн-оскуола.

Биир сменаҕа 350 оҕо лааҕырынан хабыллыан сөп, сылга – 5,2 тыһ. тиийэ киһи. Манна эбии 130 үлэ миэстэтэ тахсыаҕа. Инникитин манна оҕо сынньалаҕын Уһук Илиннээҕи оператора тэриллиэн сөп.

Сиһилии https://ysia.ru/stroitelstvo-detskogo-kruglogodichnogo-lagerya-v-yakutii-planiruetsya-zavershit-v-2022-godu/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА