Сыллааҕы инфляция бэс ыйыгар Саха сиригэр 7,98% буолла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Сыллааҕы инфляция Саха сиригэр бэс ыйыгар 7,98%-ҥа диэри түргэтээтэ, ыам ыйынааҕы 7,42%-ҥа тэҥнээтэххэ. Бу, Уһук Илин федеральнайдааҕы уокурукка (9,30%) уонна Россияҕа (8,59%), тэҥнээтэххэ кыра.
Дойду регионнарыгар инфляция таһымын Центробанк сыаналаата.

Бэлиэтэнэринэн, инфляция түргэтээһинин сүрүн факторынан өҥөлөргө үрдүк наадыйыы, маны сэргэ сорох оҥорон таһаарааччылар уонна поставщиктар ороскуоттара улаатыытын кытта сыһыаннаах.

Сиһилии манна ааҕыҥ: https://ysia.ru/godovaya-inflyatsiya-v-yakutii-v-iyune-sostavila-7-98/

This post was published on 19.07.2024 10:01 10:01