Орто Халыма улууһун Сылгы Ыытар бөһүөлэгэр Гавриил Гаврилович Третьяков маһы «ыллатар», тимири «үҥкүүлэтэр» дьоҕурдааҕынан биллэр. Кыһыҥҥы аартык суолга турар «Сылгы Ыытар» диэн стелаҕа элбэх киһи тохтоон, сэргээн, хаартыскаҕа түһэн ааспыт буолуохтаах. Бу — кини үлэтэ.
Сылгы Ыытардааҕы стела ааптара Гавриил Третьяков кэпсииринэн, кини дьоҕура ийэтиттэн Анна Константиновна Лаптеваттан бэриллибит буолуон сөп. «Олус иистэнньэҥ этэ«, — диэн ахтар.
Эдэр киһи оскуола кэнниттэн, 1979 сыллаахха, сварщик идэтигэр Дьокуускайдааҕы 1-кы №-дээх СПТУ-га үөрэнэ киирбит, онтон аармыйа кэнниттэн идэтинэн эрэ буолбакка, араас үлэҕэ Сылгы Ыытарга сопхуоска үлэлээбит. «Сварщик идэлээхпин да буоллар, маһынан уһанарбын эмиэ олус сөбүлүүбүн, ол курдук бөһүөлэккэ бэтэрээннэр сквердэрин, дьиэлэрин, оҕо оонньуур былаһааккатын, исписэлиистэр олорор дьиэлэрин туппутум, ыһыах түһүлгэтигэр сценаны, сэргэлэри оҥорбутум», — диир кини.
— Тимир көлөлөрүҥ туһунан кэпсээ.
— 20-чэ сыл анараа өттүгэр араас саппаас чаастан мотоблок диэн көлөнү хомуйбутум, билигин да сүүрэн абырыыр. Мотоблок кэнниттэн, алта сыллааҕыта, ГАЗ-ик массыынаҕа 66-УАЗ муостарын, кабинатын олордон, вездеход оҥорбутум, ол көлөм билигин да от-мас, дьиэ таһынааҕы үлэлэргэ, куска, балыкка барарга абыраллаах тэрил буола сылдьар. Онтон икки ыйы быһа өр толкуйдаан, багги диэн көлөнү хомуйан таһаардым. Билигин ол тэрил сүүрэргэ бэлэм турар, муостара — иномарка массыына, рамата — УАЗ-ик, коробката — ГАЗ, мотора — «Урал» мотоцикл. 12 скоростаах, 20-чэ лиитэрэ киирэр бензобаактаах, көлөһөлөрө уларыйдаҕына, вездеход буолар кыахтаах. Барыта эргэ массыыналар саппаас чаастарын ылан, булан, таҥан оҥорбутум, онон улахан ороскуота суох. Бу тэрилбин хомуйарбар сиэним Денис күүс-көмө, илии-атах буолла, бэйэтэ да интэриэһиргээтэ. Дьон интэриэһиргээн, кэлэн көрөллөр, ыйыталаһаллар. Өр сүүрүөҕэ, абырыаҕа диэн эрэнэбин.