Сылгы иитэр 36 хаһаайыстыба баазаларын тутууга биирдии мөлүйүөнү ыллылар

Аҕыйах хонуктааҕыта сылгыһыттар бэйэлэрин идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтээбиттэрэ. Саха сирин Ил Дархана Егор Борисов этэринэн, бу салаа саха норуотун култууратын быстыбат сорҕотун быһыытынан өйөнүөхтээх уонна сайдыахтаах.


Бырааһыньыгынан сибээстээн сылгы иитэр 36 хаһаайыстыба баазаларын тутууга граннары ыллылар.

Егор Борисов этэринэн, билигин Саха сиригэр сылгыны иитиини сайыннарыыга сыһыаннаах сокуон идеята бэлэмнэнэр. Ил Дархан бу салаа дохуоту киллэриэхтээх диэтэ. Кини бу докумуону ылыныыга сылгыһыттар көхтөөхтүк кыттан, этиилэрин киллэрэллэригэр ыҥырда.

This post was published on 26.03.2018 15:00 15:00