Сылгы айылгыта саха омугу кытары ыкса сибээстээх

Алтыс төгүлүн ыытыллар сылгы сиэлинэн өрүү “Дьөһөгөй бэлэҕэ” көрүү-быыстапка үөрүүлээх аһыллыыта муус устар 8 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтигэр буолан ааста. Кыттааччылар өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан муһуннулар.

Быыстапка арыллыытыгар Контогорова Марфа Николаевнаҕа – Солугур Маппатыгар “Симэх” норуот искусствотын киинин салайааччыта Александр Николаевич Гоголев – Сатал Уус Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарын бэлиэтин туттарда.

«Сылгы айылгыта саха омугу кытары ыкса сибээстээх. Тэтиммит, туттар-хаптар хамсаныыбыт, майгыбыт-сигилибит, өйбүт-санаабыт сылгы тэтимэ тэтимнээх», — диир норуот маастара. Кини Сунтаар Бүлүүчээнигэр олорор, сылгы сиэлин, кутуругун туһаҕа таһаарыынан дьарыгырбыта уон биэс сыл буолбут. Марфа Николаевна нэһилиэгэр «Саха саргыта» диэн ааттаах сиэли өрөөччүлэр түмсүүлэрин салайар.

Биһиги киниттэн аҕыйах ыйытыыбытыгар хоруйдууругар көрдөрстүбүт:

  • Марфа Николаевна, эһиги хаһааҥҥыттан сиэлинэн өрүүнү дьарык оҥостубуккутуй?
    • Мин 15 сыл анараа өттүгэр ыалдьаммын сылгыннан эмтэммитим. Ол кэннэ бу сиэлинэн, кылынан дьарыктанарга санаммытым.
  • Бүгүҥҥү үөрүүлээх күҥҥэ эйиэхэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарын үрдүк аатын туттардылар.
    • Барыта соһуччу буолла. 2008 сылга аан бастаан быыстапкаҕа кэлбитим онно өрөспүүбүлүкэҕэ норуот оҥоһуктарын маастарын аатын иҥэрбиттэрэ. Онтон бу быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарын аатын биэрдилэр. Онон үөрүүм улахан.
  • Бу быыстапкаҕа туруорбут үлэлэргит туһунан кэпсии түс эрэ. Туох ис хоһооннооҕуй?
    • Бу “Өбүгэ илдьитэ” диэн дьиктитик түүлгэ киирбит үлэ. Саамай бэйэм соһуйарым диэн бу суругун түүн суруммуппун эбит. Бу үлэ кэнниттэн манна сурулла сылдьар дьоннорго барыларыгар памятник туруордулар. Итинник үлэҕэ үөһэттэн этитии баар быһылаах диэн түмүккэ кэллим ити түүлүм кэнниттэн. Бу оҕонньор илиитигэр уот да буолбатах, таас да буолбатах этэ туох эрэ сырдык сардаҥа тахсар этэ. Арааһа сахалар бу сырдык таһымҥа тиийиэхтээхпит быһылаах дии саныыбын. Бу “Биэс харах” диэн панно түмсүүбүт харысхала. Киһини биэс эйгэ харыстыыр: уот, сир, халлаан, уу, таас. Ортоку харах – үрдүгүттэн үргүөл үргүйбэтин диэн, кириэс – аллараттан аргыай аргыйбатын диэн, инньигэр-кэннигэр кэнтиэ охсубатыннар, ойоҕосторгуттан ончуо охсубатыннар диэн. Уонна эр киһи даҕаны дьахтар даҕаны дьоло дойдутун түөрт өттүгэр диэн.
  • Үлэҕэр ааккыт бастакы буукубаларын туруорар эбиккин дии, бэлиэ оҥорон.
    • Бастакы үлэлэрбэр “К.М.Н” диэн суруйар этим, онтон билигин ааттанным — “Солугур Мааппата” диэн. Солугур Ньукулай диэн мин аҕам, мас ууһа этэ. Ол иһин аҕам тэтимигэр киирдим диэммин Солугур Мааппата буоллум.
  • Ити буукубалар латыынскайдыы суруллубуттарын дьиктиргээн көрөн турабын.
    • Биһиги сахалар былыр бэйэбит алфавитпыт суох эрдэҕинэ латынскай тылынан үөрэхтэммиппит. Ол иһин Түмсүүбүт үлэлэрин латыынскайдыы суруйабыт.
  • Кылынан өрүүгэ оскуола оҕолорун дьарыктыыгын дуо?
  • Урут үөрэтэр этибит. Онтон тохтуу сылдьыбыппыт, билигин дьарыкпытын сөргүтэммит быйыл оҕолорго сайыҥҥы лааҕыр тэрийэн эрэбит.
  • Марфа Николаевна, кэпсэтиин иһин махтанабыт. Өссө төгүл Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастарын аатын сүкпүкүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Санатан эттэххэ, алтыс төгүлүн ыытыллар сылгы сиэлинэн өрүү “Дьөһөгөй бэлэҕэ” көрүү-быыстапка муус устар 22 күнүгэр дылы Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтигэр “Төрүт культура” галереятыгар дьон көрүүтүгэр туруоҕа. Муус устар 22 күнүгэр түмүк тахсыаҕа, кыайыылаахтар наҕараадаланыахтара.

This post was published on 11.04.2016 17:55 17:55