29 Муус устар 29.04
  • $ 91,78
  • 98,03

Сылаас тохтобуллары эрдэ арыйыахтара

13:45, 02 октября 2023
Хаартыска: Дьокуускай куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев алтынньы 2 күнүгэр дьаһалта мунньаҕар оптуобус сылаас тохтобулларын болдьоҕун иннинэ, эрдэ арыйалларыгар сорудахтаата диэн СИА суруйар.

Уопсастыбаннай эйгэни салайар киин сылаас тохтобуллары эрдэ былааннаммытын курдук — алтынньы ый бүтэһигин диэки арыйыахтааҕа. Бу кэмҥэ күн-дьыл лаппа тымныйар, хаар түһэр.

— Сылаас тохтобуллары быйыл эрдэ арыйыахха наада. Билигин  сарсыарда номнуо тымныйар буолла. Оҕолор сылаас тохтобулларга туран, оптуобустары кэтэһиэхтээхтэр, — диэн Евгений Григорьев эттэ.

Сылаас тохтобуллар аныгылыы көрүҥнээхтэр, иһигэр олорор ыскамыайкалар, оптуобус кэлэн иһэрин көрдөрөр экраннар, сорохторугар аһы-үөлү атыылыыр аптамааттар бааллар.

Дьокуускай куора дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, быйыл 10 саҥа сылаас тохтобул тутуллан, үлэҕэ киириэхтэрэ. Бу балартан үһэ үлэлииргэ бэлэм турар, уота-күөһэ холбоммут. Холобур, «Автодорожный факультет» уонна «Университет» тохтобулларга сылаас павильоннар баар буоллулар. Онон кыһыҥҥы кэмҥэ устудьуоннар абыраныыһылар.

Ангелина Васильева, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар