Сылаҥ орто оскуолатыгар XX «Баһаарын ааҕыылара» научнай-практическай конференция ыытылынна. Профессор Башарин Георгий Прокопьевич төрөөбүтэ 110 сылыгар ананна.
Чурапчылар биир дойдулаахтарын, аан дойду таһымыгар билиниллэр учуонай, сахаттан бастакы историческай наука дуоктара, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан бириэмийэ бастакы лауреата, Арассыыйа уонна Саха сирэ наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ Георгий Прокопьевич Башарин 110 сыллаах үбүлүөйүн көрсөр декада тэрийдилэр. Оскуолаҕа профессорга аналлаах кылаас чаастарын куонкурса буолла, «Башаринский диктант» өрөспүүбүлүкэтээҕи сырдатар аахсыйа ыытылынна, «Башаринские чтения: “Самая настоящая красота в науке”» кинигэ бэчээттэннэ. Манна 1993 сылтан саҕаламмыт тиһиктээх үлэ кэпсэнэр. Профессор Карл Георгиевич Башариҥҥа аналлаах «Пример служения народу» стендэ арылынна, музейга “Интерактивный путеводитель по башаринским местам” бырайыак сүрэхтэниитэ о.д.а. дьаһаллар буоллулар.
Бу үөрүүлээх күҥҥэ профессор уола Карл Георгиевич Башарин, медицинскэй наука дуоктара, кийиитэ Зоя Константиновна Башарина, филологическай наука дуоктара, сиэнэ Анна Карловна Башарина, филологическэй наука кандидата, Москубаттан хаан-уруу балта Галина Васильевна Башарина, быраас, Новосибирскайтан Иоган Егорович Максимов, техническэй наука кандидата, атомнай бырамыысыланнас бэтэрээнэ, экодуховность өйдөбүлүн төрүттээччи, ыалдьыттаатылар.
Конференция Арассыыйа өрөгөй ырыатынан, Павел Никитин Саха сирин гимнин ааҕыытынан, уолаттар «Саха саарына Г.П.Башарин” диэн литературнай композициятынан, Г.П.Башарин гимнин уолаттар толорууларыгар олус долгутуулаахтык саҕаланна. Бу тэрээһин кыттыылаахтарын күндү ыалдьыттарбыт уонна оскуола дириэктэрэ Дьяконов Н.В.,улуус баһылыга Саргыдаев С.А., Сылаҥ нэһилиэгин баһылыга Сивцев Е.А., депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Захаров А.А., үөрэх управлениятын салайааччыта Посельскай Ю.П. эҕэрдэлээтилэр, бэтэрээн учууталларга наҕараадалары туттардылар. Башарина Галина Васильевна киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох, саҥа, сонун иһитиннэриилээх дакылаат оҥордо. Салгыы профессор төрөөбүт алааһыгар тиийэн мемориальнай дуоскаҕа сибэкки дьөрбөтүн уурдубут, ахтан-санаан аастыбыт.
Конференция куйаар ситимин нөҥүө онлайн буолла. Сэттэ секциянан 14 улуустан, Дьокуускай куораттан 175 кыттааччы: үөрэнээчилэр уонна учууталлар, чинчийэр үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Бастыҥ чинчийэр үлэлээх үөрэнээччи «Баһаарын ааҕыыларын лауреата” үрдүк аатын сүктүлэр: С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Спиридонов Никита (салайааччы Илларионова Л.П.) уонна Сылаҥ орто оскуолатын алын сүһүөх кылаас үөрэнээччитэ Нерлова Милана (Максимова Д.И.)
Улуу учуонай олоҕор, үлэтигэр анаан, учууталлар олус үчүгэй тэрээһиннээх кылаас чаастары ыыттылар. Муҥутуур кыайыылааҕынан 4 кылаас салайааччыта Максимова Декабрина Ивановна ааттанна. Номинациялар түмүктэрэ маннык буолла: 10 “а”кылаас салайааччыта Макарова Елизавета Гаврильевна “Лучшая методическая разработка классного часа”; 2 кылаас салайааччыта Игнатьева Сардана Николаевна ”Педагогическая перспектива”; 1 кылаас салайааччыта Друзьянова Варвара Васильевна ”Радость совместных открытий”; 8 кылаас салайааччыта Говорова Айыына Константиновна “Верность традиций”; 10 б кылаас салайааччыта Монастырева Туйаара Николаевна “Творческое вдохновение”.
Профессор Георгий Прокопьевич Башарин төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах XX «Баһаарын ааҕыылара» научнай-практическай конференция үрдүк таһымнаахтык, олус тэрээһиннээхтик ыытылынна, күндү ыалдьыттарбыт, профессор чугас дьоно, истиҥник махтаннылар. Инникитин Башариннар аймах уонна Сылаҥ нэһилиэгэ, оскуолата ситимнээх үлэтэ өссө күүһүрүө, кэҥиэ диэн санаанан тарҕастыбыт, диэн суруйда профессор Г.П.Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатын дириэктэрин агропрофильнай үлэҕэ солбуйааччы Л.С. Сивцева.