Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 61 баһаар бэлиэтэннэ. МЧС Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрбитинэн, баһаардар уоту, оһоҕу, уотунан барар тэриллэри сэрэҕэ суохтук, сыыһа туттууттан барбыттар.
Тохсунньу 1 күнүгэр Дьокуускайга икки баһаар түмүгэр икки киһи өлүүтэ тахсыбыт. Итинтэн биирэ табахтан барбыта быһаарыллыбыт. Тохсунньу 6 күнүгэр Хаҥалас улууһугар тахсыбыт улахан баһаар түмүгэр 12 тиэхиньикэ, гараас уокка былдьаммыттар. Тохсунньу 7 күнүгэр Горнайга киһи дьалаҕайыттан гараас, тыраахтыр умайбыттар, буруйдаах илиитин, төбөтүн уокка сиэппит.
Сыл саҕаланыаҕыттан баһаарынайдар үс киһини уоттан быыһаатылар итиэннэ 100-тэн тахса киһини уот турбут сириттэн куоттардылар. Тохсунньу 10 күнүгэр Дьокуускайга Горькай уулуссатыгар элбэх этээстээх дьиэҕэ турбут баһаары бохсууга 10 тиэхиньикэ, 37 Дьокуускайдааҕы баһаарынай-быыһыыр гарнизон үлэһиттэрэ үлэлээтилэр.
This post was published on 12.01.2021 13:02 13:02