Сыл саҕаланыаҕыттан «Өлүөнэ очуостара» национальнай паркаҕа 33 257 турист сырытта. Ол туһунан тэрилтэ телеграм-ханаалыгар суруйда, СИА иһитиннэрэр.
«Өлүөнэ очуостара» дьаһалтатыгар бэлиэтээбиттэринэн, бу ахсаан былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ 1,2 төгүл элбэх. Былырыын 27 тыһ киһи этэ.
Тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри ураты айылҕа пааматынньыгын 16 679 киһи көрбүт, бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри – 16 578.
Санатар эбит буоллахха, балаҕан ыйыгар остуолбаларга аудиогид өҥөтө презентацияламмыта. Бу туристары кэрэ көстүүлээх уонна ураты миэстэлэринэн сырытыннарар — очуостарынан, Лена өрүс акваториятынан уонна Буотама сүнньүнэн, кумахтаах тукуланнарынан, бизонарийынан уонна «Дириҥ Үрэх» былыргы киһи олохсуйбут сиринэн.
This post was published on 13.10.2022 17:33 17:33