Сыл саҕаланыаҕыттан доруобуйа харыстабылын үс эбийиэгин үлэҕэ киллэрдилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Регион доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр эппиттэринэн, сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэҕэ эбии алта эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх. Ол иһигэр Кэбээйи Сангаарыгар поликлиника, Усуйаана Хаһааччыйатыгар быраас амбулаторията. Маны сэргэ ФАП-тар Нижнеянскайга уонна Усуйаана Хайырыгар, Аллайыаха Оленегорскайыгар, Булуҥ Сииктээҕэр.

Саха сиригэр барыта 18 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ тутуллар, Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ. Эбийиэктэр «Продолжительная и активная жизнь» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллаллар.

This post was published on 06.08.2025 12:42 12:42