"Сыл дьиэ кэргэнэ" Россиятааҕы куонкурус быйыл тохсус төгүлүн ыытыллар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Россияҕа биллэриллибит «Дьиэ кэргэн сылын» биир сүрүн тэрээһининэн «Сыл дьиэ кэргэнэ» бүтүн Россиятааҕы куонкурус буолар.

Быйыл тохсус төгүлүн ыытыллар. Сылын аайы 400-тэн тахса ыал кыттар. Биэс номинациялаах: «Многодетная семья», «Молодая семья», «Сельская семья», «Золотая семья», «Семья – хранитель традиций».

2023 сыллаахха куонкуруска Саха сириттэн элбэх оҕолоох көс ыал Варвара уонна Дмитрий Стручковтар Томпо улууһун Тополиное сэлиэнньэтиттэн кыттыбыттара. «Семья – хранитель традиций» бастаабыттара.

This post was published on 20.03.2024 15:34 15:34