Саха сиригэр ыытыллар «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэ ахсынньыга буолуоҕа. Кыайыылаахтар Ил Дархан бириэмийэтинэн наҕараадаланаллар — 300 тыһ солк уонна салгыы Россия таһымыгар күрэхтэһэллэр. Үлэ миниистирин солбуйааччы Елена Теплякова эттэ.
«Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» куонкурус бастакы түһүмэҕэ муниципальнай таһымҥа ыытыллар. Тэрийэр хамыыһыйалар кыайыылаахтар тустарынан кумааҕыны тиһэн, үлэ уонна социальнай көмүскэл министиэристибэтигэр түмэллэр. II түһүмэх үһүс кыбаарталга буолар.
Куонкурус 2000 сыллаахтан дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутар сыалтан ыытыллар. Номинациялара: «Эдэр ыал», «Көс ыал», «Ыал — үгэһи араҥаччылааччы», «Элбэх оҕолоох ыал», «Тыа сирин ыала».
This post was published on 09.03.2021 14:01 14:01