2019 сылга Саха сиригэр тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматыгар 1,2 млрд солк көрүллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ муниципалитеттар көрүллүбүт үбүлээһин аҥарыттан кыраны туһаҕа таһаарбыттар. Ол туһунан регион вице-премьера Кирилл Бычков оройуон баһылыктарын кытта видеосибээһинэн кэпсэтэригэр эттэ.
Кирилл Бычков муниципалитеттар баһылыктарыгар өссө биирдэ туһаайан — тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыы олус эппиэттээх уонна суолталаах, социальнай хайысхалаах сорук буоларын санатта. Кини бырагыраама туолуута бырабыыталыстыба уонна Ил Дархан, кэтээн көрөр уоргаттар тус хонтуруолларыгар тутулларын эттэ.
Вице-премьер бырагыраама бу күҥҥэ аҥарын эрэ кэриҥэ туолбутун эттэ. Ити эрээри сыл бүтүөр диэри 500 тулаайах оҕону дьиэлиэхтээхтэрин бэлиэтээтэ. 2019 сылга бу сыалга 1 млрд 200 мөл солк көрүллүбүт.
Үлэ ситэ барбакка турар оройуоннарын баһылыктарыгар аукционнары уонна контрактациялары биллэрии боппуруостара алтынньы бүтүөр диэри ыытыллыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Дьиэнэн хааччыллыахтаах саамай элбэх тулаайах оҕолоох муниципальнай тэриллиилэринэн Бычков Дьокуускай куораты уонна Алдан, Нерюнгри оройуоннарын ааттаталаата.
This post was published on 22.10.2019 15:29 15:29