Сыл бүтүөр диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 180 км суолу туттарыахтара

Өрөспүүбүлүкэҕэ хапытаалынай өрөмүөн кэннэ региональнай суоллары туттарыы үлэтэ барар. Балаҕан ыйын ортотугар суол тутааччылар 50 км саҥардыллыбыт суолу туттарыахтара.


Ый саҕаланыаҕыттан «ИнвестДорСтрой» ХЭТ уонна Мииринэйдээҕи айан суолун управлениета «Нам» (5 км), «Анаабыр» (25 км) суолларыгар барыта 30 км өрөмүөннээн туттарда. Билигин «Яна» суолугар 20 км кэрчик өрөмүөннэммитин Управтодор тута сылдьар.

Өссө 30 км суолу Хаҥалас, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мэҥэ-Хаҥалас, Нам, Томпо, Таатта улуустарыгар туттарыахтара.

Суоллары алтынньы ый устата тутуохтара, үлэ ахсынньы бастакы аҥарыгар түмүктэниэ. Сыл бүтүөр диэри «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак көмөтүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 180 км суолу тутан туттарыахтара.

This post was published on 09.09.2020 17:04 17:04