Сыдыбыл уола Павел Негодин Тиктогу баһылыыр

Бүлүү Сыдыбылын эдэр ыччата Павел Негодин устар тэттик видеолара TikTok социальнай ситимҥэ аан дойду олохтоохторун сэҥээриитин ылар. Ааптар дэриэбинэ олоҕун, дьарыктарын устар.


Павел Негодин муус ылыытын туһунан устуутун аҕыйах хонук иһигэр 1,5 мөл. киһи көрбүт. Үгүс дьон: «Муус туохха нааданый?», — диэн ыйытыытыгар өйдөтөр видеота эмиэ элбэх киһи сэҥээриитин ылбыт. Муҥха туһунан видеотын икки чаас иһигэр 500 тыһ. киһи көрбүт. Ситимигэр тута 25 тыһ. киһи суруттарбыт.

Павел аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан «Киһи төбөлөөх, илиилээх-атахтаах, атын киһи оҥорорун эн тоҕо оҥоруо суохтааххыный?», диэн ыйытыктаах, киһини тургутар видеоны көрбүтүттэн, олоххо көрүүтэ уларыйан, сарсыарда эрдэ туран сүүрэр, дьарыктанар буолбут. Сыыйа уруккуттан киинэ устар баҕатын олоххо киллэрэр баҕаттан, TikTok сыһыарыытын төлөпүөнүгэр хачайдаабыт. Аа-дьуо видео устарга, тэттик, өйдөнүмтүө ис хоһоонноох видеолары оҥорорго үөрэнэн, бастаан дьарыгын, үҥкүүтүн туһунан сюжеттары таһаарбыт.

«Видеоларым көмөтүнэн эдэр ыччаты чөл олоххо көҕүлүүр баҕалаахпын. Пандемия кэмигэр саалата да суох күннэтэ эти-сиини чэбдигирдиэххэ сөп диэн бэйэм холобурбунан көрдөрөбүн. Сүрэҕэлдьиэ эрэ суохха наада», — диир Павел.

This post was published on 16.11.2020 17:14 17:14