Сыбаатайга 50 киһи баһаары умулуннарыыга үлэлиир

Бу сарсыарда Орто Халыма Сыбаатайыгар буруо суох диэн, нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Дария Борисова Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспатыгар иһитиннэрбит.


«Баһаар нэһилиэктэн 1,5 килэмиэтирдээх сиргэ Алаһыай өрүһүн нөҥүө баар. Онтон буруо тыал оҕустаҕына кэлэр. Утары уот ыытыллан баһаар бохсуллан турар. Бүгүн манна 50-ча киһи үлэлии сылдьар», — диэтэ Дария Николаевна.

Бэҕэһээ нэһилиэккэ хойуу буруо турбутун туһунан социальнай ситимнэргэ суруйбуттара.

This post was published on 04.08.2020 12:01 12:01