22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сыарҕа үрдүгэр маҕаһыынтан саҕаламмыт биисинэстээх Наталья Шишигина туһунан кэпсиибит

Хаартыскалары ааптар тиксэрдэ.
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Наталья Ивановна Шишигинаны билбэт киһи бастаан көрдөҕүнэ маннык нарын-намчы, кэрэ бэйэлээх саха Далбар Хотуна үөрэх дуу, култуура дуу үлэһитэ диэ эбитэ буолуо. Уурбут-туппут курдук быһыытыгар-таһаатыгар, сунтаардыы аргыый эйээрэн саҥарар куолаһыгар, наҕыл туттуутугар-хаптыытыгар, мин көрдөхпүнэ, үҥкүүһүт, эбэтэр ырыаһыт кистэнэ сылдьар. Кини тас көстүүтүгэр түргэн-тарҕан туттунуулаах, кэлиилээх-барыылаах, кэпсэтиилээх-ипсэтиилээх урбаан эйгэтэ ханан даҕаны сыстыа, дьүөрэтэ суох курдук. Бу омос көрүүгэ эрэ, Наталья Ивановна Шишигина – Амма улууһун биир биллэр урбаанньыта, бу салааҕа эриллибитэ-мускуллубута оруобуна үйэ чиэппэрэ буолла. Онон, бэлиэ түгэни мүлчү туппакка, Амманы иккис дойду оҥостубут Сунтаартан тардыылаах кийиити, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын, фармациятын туйгунун, өрөспүүбүлүкэ фармациятын бочуоттаах ветеранын, Амма улууһун бочуоттаах меценатын, „Знахарь“, „Аист“, „Камелот“ аптекалар ситимнэрин дириэктэрин кытары көрсөн үлэтин, дьиэ кэргэнин туһунан атах тэпсэн олорон кэпсэттибит.

— Наталья Ивановна, билигин „чааһынай биисинэс“, „урбаанньыт“ диэн тыллары күннэтэ истэр буоллахпытына, 25 сыл анарааа өттүгэр, сонун көстүү этэ буоллаҕа. Будулҕаннаах 90-сыллар турдахтарына саха нарын, намчы дьахтара хайдах бу эйгэҕэ үктэммиккиний?

-Олоххо ханнык баҕарар түгэн ылбычча буолбат. Мин олоҕум оҥкулун булунуум, таба үктэниим Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыытын кытта сөп түбэспитэ. Тэрилтэлэргэ үлэһит ахсаанын аччатыы, уларыйыы-тэлэрийии тахсар кэмигэр Иркутскайга бииргэ устудьуоннаабыт дьүөгэлэрим үлэтэ суох хаалан хаалбыттара, онон атыыга-эргиэҥҥэ киирэргэ күһэллибиттэрэ. Массыынанан улуустарынан кэрийэ сылдьан табаардарын атыылыыллара, Аммаҕа кэллэхтэринэ миэхэ кыралаан атыы хааллараллар этэ. Онон Амматааҕы аптекаҕа провизорынан үлэлиирим быыһыгар атыыга бастакы хардыыларбын оҥорбутум. Онтон сыыйа уоппускам кэмигэр кинилэри кытта соҕуруу баран табаар аҕалан саҕалаабытым. Ол кэмнэргэ, 1995-96 сылларга Дьокуускайдар манна чааһынай аптека филиалын үлэлэтээри провизорынан ыҥырбыттарыгар сөбүлэспитим. Ол эрээри өр буолбатаҕа, барыһа суох буолан сабыллыбыта. Инньэ гынан 1997 сыллаахха бэйэм дьоҕус аптечнай пуун арыйбытым. Билэр эйгэбэр, баһылаабыт үлэбэр ылсыбыт буоламмын ыарырҕаппатаҕым.

-Билигин этэллэринэн, „лихие 90-е“ кэмнэрэ этэ дии, ону эмиэ эккинэн-хааҥҥынан биллэҕиҥ буолуо?

-Чахчы, коррупция, рэкетирство игин наһаа тэнийбит кэмэ этэ. Кырбана да сыспыт түгэним баара. Биирдэ табаардыы сылдьан атыыбын төлөстүм, атыыһытым өссө табаар көрдөрөр, атыылыыр. Оннук хаста да төхтөрүйэн наадалаахпын ылан бараммын салгыы көрө-истэ сырыттым.Тэлиэскэбэр малбын соһо сылдьабын. Арай кэннибиттэн биир киһи ойон кэллэ даҕаны „Харчыгын биэрбэтин!“ диэн охсоору илиитин көтөҕөн эрдэҕинэ, аттыбытынан ааһан иһэр эр киһи тутан ылла, „Хайдах дьахтарга саба түһэр киһигиний?!“ диэн тохтотто. Ол атыыһыппын кытта быһаарсан, хата барыта этэҥҥэ ааспыта. Аны уулуссаҕа, ырыынакка сотору-сотору милииссийэ үлэһиттэрэ тохтотоллор, харчы да көрдүү сатыыллар. Өссө биир түгэн өйбөр хаалан хаалбыт — оҕолор каникулларыгар сөп түбэһиннэрэн күүлэйдии таарыйа табаардаһа дьиэ кэргэнинэн Москвалаатыбыт. Төннөрбүт биир күн хаалбытын кэннэ оҕолорбутун гостиницаҕа хаалларан баран кэргэмминээн Черкизовскай ырыынакка бардыбыт. Эмиэ тэлиэскэбитин анньыбытынан сылдьабыт, киһи бөҕө, кэлии-барыы, аалыҥнаһыы, ону кэргэним сөбүлээбэккэ киэҥ сиринэн барыахха диэн ыскылааттар аттыларынан эргийэ хаамтыбыт. Арай эмискэ кэлии дьону тутуу саҕаланна, биһигини кытайдары кытта бииргэ күүстэринэн автобуска хаайан кэбистилэр. Өлүү түбэлтэлээх паспордарбытын гостиницаҕа хаалларан кэбиспиппит. Отделга тиийэммит  бэрт өр Россия олохтоохторо, сахалар буоларбытын дакаастаан, оҕолорбут кэтэһэн олороллорун кэпсээн нэһиилэ таһаарбыттара, самолеппутугар көтөрө субу кэлбитигэр кыл-мүччү сүүрэн тиийбит түгэннээхпит. Ити курдук санаатахха мүлчүргэннээх түгэннэр бааллар бөҕө буоллаҕа.

-Ол даҕаны иһин элбэх киһи тулуйбакка, биисинэһи хаалларан, оччолорго саҕалааччылартан күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии сылдьар ахсааннаах дьон билигин хааллаххыт дии. Оттон билигин ол кэмнэргэ тэҥнээтэххэ биисинэс тэринэр судургу диэн этиэххин сөп дуо?

-Оннук буолуо, сүүрбэттэн тахса сыллааҕыта быдан сыралаах этэ. Урут табаардыыр сиргэр көтөн тиийэн, талан, барытын суумкаҕа сүгэ сылдьаҕын. Билигин киһи хоско олорон интернет көмөтүнэн сакаас оҥоруон сөп, оҥорон таһаарыы эйгэтигэр холонон көрөөччүлэргэ субсидия, чэпчэтиилээх кирэдьиит баара эмиэ үлэни чэпчэтэр. Ол эрээри саҥа үйэ, саҥа кэм туспа ирдэбиллэрдээх. Билигин урбаанньыт экономист, бухгалтер, юрист, маркетолог идэлэрин эмиэ удумаҕалатыан наада. Отчуоппун эмиэ бэйэм оҥоробун, онон эргиччи билиини эрэйэр. Ол да буоллар, бу сыллар тухары үөрэнэн хааламмын, сүрэхпинэн сөбүлүүр идэм буолан ыарырҕаппаппын, буолуохтааҕын курдук ылынабын. Чуҥкуйар бокуой суох, наар туохха эрэ үөрэнэ, саҥаны билэ сылдьарыҥ эмиэ туруккун тутарга кымньыылыыр.

-Биисинэскэ киэҥ хардыыларын хайдах саҕаламмыттарын санаан, оччотооҕу кэмҥэ эргиллэн ылыахха эрэ.

-Үөһэ кэпсээн аһарбытым курдук, дьокуускайдар аптекаларыгар провизордаабытым, кинилэр уруккута библиотека дьиэтин наймылаһан үлэлииллэрэ. Онтон сабыллыбыттарын кэннэ салгыы мин илдьэ хаалбытым. Арай күһүн Чурапчыттан ууска сыстаҕас убайым Анатолий дьиэбит таһын тупсаран оҥорорго көмөлөһө  кэлбитэ. Уонна: „Хаһааҥҥа диэри арендаҕа олоруоххунуй, сыарҕа үрдүгэр дьиэ тутабыт дуо?“,- диэн этии киллэрдэ. Мин сөбүлэстим, киһим хап-сабар ылла даҕаны икки хаптаһын икки ардыгар опилка кутан засыпной, салааска үрдүгэр турар, ханна баҕарбыт сиргэр соһон илдьэр 15 кв.м. иэннээх дьоҕус дьиэни оҥоро охсон кэбиспитэ. Кыра да буоллар, туох барыта баар этэ. Амма олохтоохторо өйдүүллэрэ буолуо, билиҥҥи ЗАГС аттыгар, сибэкки киоскатын диэки турбута. Биэс игин сыл оннук үлэлээн бараммыт „Аист“ аптекабытын үлэҕэ киллэрбиппит. Кэлин кэҥэтэн, салҕааһыннаан таҥас атыылыыр буолбуппут. Онтон салгыы „Знахарь“ аптекабыт үлэҕэ киирбитэ.Оччолорго маркет игин диэн тэнийэ илигэ, аны иһигэр фитобардаах оҥорбуппут, ол иһин эмиэ Амма улууһугар бэйэтэ туспа сонун көстүү буолбута.

-Өр кэмҥэ табаардыы барар кэмҥэр дьонуҥ бэйэлэрэ эрэ хаалаллар буоллаҕа. Аны оччолорго оҕолор кыралар. Хайдах барытын кыайа тутар этигитий?

— Ээ, хата, кимнээҕэр үчүгэй баҕайытык олороллор. Оҕолорум балтараа саастарыгар үлэлии тахсар этим. Кэргэним суох кэммэр эппиэтинэһи сүгэн, дьиэтин-уотун үчүгэйдик көрөрүн билэр буоламмын уонна ийэм кыһынын кэлэр буолан олох санаа баттыга суох сылдьарым. Онон биисинэс эйгэтигэр кэккэ ситиһиилэммиппэр кинилэр оруоллара эмиэ улахан. Өйдүүр, өйүүр, көмөлөһөр буоланнар, дьарыкпын суол ортотугар быраҕан кэбиспэккэбин, күн баччаҕа диэри үлэлии-хамсыы сырыттаҕым.

-Чугас дьонун тустарынан билиһиннэриэн буолаарай? Биисинэскин утумнуур оҕо баар дуо?

-Кэргэмминээн Александр Гаврильевичтыын Иркутскайга устудьуоннуу сылдьан билсэн, 1984 сыллаахха ыал буолбуппут. Кэргэним сопхуостан  «целевойдаах» үөрэммит буолан, тута Аммаҕа, „Бөтүҥ“ сопхуоска  ананан кэлбитэ. Мин онно балыыһа иһигэр аптечнай пуун арыйан үлэбин саҕалаабытым, онтон аҕабыт үлэтинэн Абаҕаҕа олоро сылдьыбыттаахпыт, онно эмиэ аптекаҕа үлэлээбитим.

Икки уоллаахпыт. Улахаммыт Алексей Александрович юрист уонна экономист үөрэхтээх. Үөрэҕин бүтэрээт, миэхэ көмө буолан барбыта. Бастаан миэхэ үлэһит быһыытынан, билигин туспа баран, „Камелот“ дьиэтин тутан үлэлии сылдьар. Таҥас өттүн сүрүннүүр. Эдэр-эдэр киһи курдук, ырыынагы үөрэтэн көрөөрү „Камелот“ дьиэтин туттубуппутугар бородуукта маҕаһыынын арыйан көрбүтэ, кафе үлэлэтэн боруобалаабыта. Ол эрээри үлэһит тиийбэтиттэн сабарга күһэллибитэ. Инньэ гынан сүрүннээн аптеканы уонна таҥаһы хааллардыбыт. Мин убайдарым тутууга сыһыаннаахтар, кинилэри утумнаан буоллаҕа буолуо, Алексей „Камелот“ иһин бүтүннүү бэйэтэ оҥорбута. Үөһэ этээһин, ааннарын, суруктарын-бичиктэрин, „Красти Крабс“ кафе остуолларын толкуйдаабыта. Үөһэ этээс банкеттыыр саалатын эмиэ барытын соҕотох кэриэтэ оҥорбута. Алексей кэргэнэ педиатр үөрэхтээх даҕаны, кыһалҕаттан, үлэһит суоҕунан, фармацевка үөрэнэн эрэр. Икки сиэннээхпит. Кыра уол Айсен Дьокуускайга финансовай-экономическай институту  бүтэрэн баран, 4 сыл Кытайга Норуоттар икки ардыларынааҕы экономическэй университекка үөрэммитэ. Билигин кэргэнинээн Санкт Петербурга олохсуйдулар, кытайдары кытта үлэлиир. Эргиэҥҥэ кыра эрдэҕиттэн сыстыгаһа суох. Ол эмиэ туспа остуоруйалаах (күлэр). „Аист“ аптекабыт уонна аҕабыт начальниктыыр „Энергосбыта“ иккиэн кэккэлэһэ тураллар. Оҕо сылдьан икки дьиэнэн сүүрэ сылдьан күннэрин барыыллар. Арай ол сылдьан көрдөҕүнэ, аҕата чэй иһэ-иһэ дьону кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ олорор буоллаҕа. Оттон мин наар көмөлөһүннэрэн, үлэлэтэн тахсабын. Онтон ыла олох биисинэскэ сыстыам суоҕа диэн тыллаах. Ол эрээри эдэр дьон санааларын уларытыахтарын даҕаны сөп, көстөн иһиэ. Билиҥҥитэ кытайдары кытта үлэлиирин ордорор.

-Урбаан уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ байҕалыгар соҕотох устан саҕалаан бараҥҥын, билигин кэҥээн хас даҕаны атыы-эргиэн кииннээх улуус биир биллэр урбаанньыта буоллун. Нэһилиэнньэ үлэлээх, дохуоттаах буолуутугар кылааккын киллэрэҕин.

-Муҥутаан 15 үлэһиттэнэ сылдьыбытым. Бэл, Пенсионнай фонда дьоҕус урбаанньыттар ортолоругар  ыытар куонкуруһугар Россияҕа бастаан турардаахпын. Ол эрээри билигин 4 киһилээхпин. Онуоха сүрүн биричиинэнэн идэлээх үлэһит тиийбэтэ буолар. Ыччаттар киин сиргэ, куоракка талаһаллар, идэлээх фармацевт булар улахан кыһалҕа буолла. Ити биричиинэнэн „Знахарь“ аптекабын быйыл сабарга күһэлинним, үлэһит көһүннэҕинэ сөргүтүөхпүн баҕарабын. Урут сүрүннээн салайар үлэҕэ сылдьар эбит буоллахпына, 2-3 сылтан бэттэх бэйэм атыылыыбын.

-Уопуттаах урбаанньыттар кэккэлэригэр киирэн олороҥҥун саҥа саҕалааччыларга тугу сүбэлиэҥ этэй? Аныгы урбаанньыт хайдах хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?

-Ылыммыт соруккун толорорго, бастатан туран, сүрэх наада. Урбаан — өрөбүлү, бырааһынньыгы билиммэт эйгэ. Онон тулуур ирдэнэр. Москва биирдэ тутуллубатаҕа дииллэр. Онон сиэттэрэн, бэйэм кыахпынан көрөн үлэлиирбин ордоробун. Кирэдьиит киирэ-киирэ наһаа тэнийэ, кэҥии сатыыры игин биһирээбэппин. Аны баай мунньунар, уурунар идэм эмиэ суох. Ол оннугар киһи биирдэ олорор олоҕор сири-дойдуну көрүөхтээх, сылдьарын сылдьыахтаах диэн санаанан салайтараммын сылга биирдэ-иккитэ хайаан даҕаны дьиэ кэргэнинэн сынньанан, атынтан атын дойдулары көрөн, атын норуот култууратын билсэн кэлэрбин быдан ордоробун.

Ардыгар эмиэ даҕаны биисинэстэн тэйиэх санаам киирэн кэлэр. Тоҕо диэтэххэ, үлэм таһынан сөбүлүүр дьарыкпар бириэмэ тиийбэт курдук буолааччы. Александра Артемьева салайар „Күөгэйээнэ“ ансаамбылга дьарыктаммытым хаһыс да сыла. Сунтаардар бары ырыаһыттар-тойуксуттар дииллэр даҕаны, миэхэ улаханнык сыстыбатах быһылаах (күлэр). Ол да буоллар, сүрэх баҕатынан салайтаран, ыллыыр-туойар, кэрэни саҕар дьон ортотугар сылдьарбын наһаа сөбүлүүбүн. Коллективынан элбэхтэ барабыт-кэлэбит — Өймөкөөҥҥө, Бурятияҕа, нэһилиэктэринэн кэнсиэрдэргэ кыттабыт. Биир общественнай үлэм – 2016 сыллаахтан улуустааҕы  „Автоледи“ кулуубу салайабын. Төһө даҕаны түмсүүбүт сүрүн састаабыгар уонча буолларбыт, өрөспүүбүлүкэ тэрээһиннэрин көтүппэккэ кыттабыт. Улуустарынан көһө сылдьар сыллата ыытыллар түмсүүгэ кытта сатыыбыт. Онно сылдьан бэлиэтии көрөбүн, атын улуустарга дьаһалталара, култуура управлениета наһаа улахан өйөбүл буолаллара фонограммалара, тэрээһиннэрэ үрдүк таһымнааҕыттан даҕаны көстөр. Биһиги бэйэбит тиийэр буоламмыт көрдөрүүбүт даҕаны ортоһуор этэ, ону былырыын дьахталлар улуустааҕы түмсүүлэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Марфа Дмитриева кэпсэтэн бензининэн хааччыйаннар, бириискэ харчынан көмө оҥоһуллан, Горнайга буолбут тэрээһиҥҥэ бэрт ситиһиилээхтик кыттан кэлбиппит. Быйыл Хаҥаласка бараары биир тэҥ форма игин бэлэмнэнэбит. „Автоледи“ кулууп биир улахан тэрээһининэн Кыайыы 65 сылыгар автопробег буолбута. Нэһилиэктэринэн сылдьаммыт тыыл ветераннарын, сэрии огдооболорун кытта көрсөммүт улахан хамсааһыны таһааран турабыт. Итиэннэ экология күнүгэр сыл аайы субуотунньукка тахсарбыт эмиэ үтүө үгэс. Улуус автоледиларын тэрээһинин сыллата ыытааччыбыт, быйыл эмиэ былаанныыбыт.

Маны сэргэ суруйааччы, телевидение сахалыы биэриилэрин ыытааччы Сардаана Сивцева – Дана Сард „Семья-карьера-рост“ диэн бырайыактаах, онно ыҥырыы тутаммын бары эйгэттэн үлэһит, общественник дьахталлары кытта Канадаҕа, Кытайга бара сылдьыбытым. Урбаанньыттар форумнарыгар, быыстапкаларыгар Турцияҕа, Монголияҕа баран уопут атастаһан турабын. Ити курдук кыаҕым баарынан, сүрэҕим сөбүлүүрүнэн сылдьаммын үлэлиибин, айабын-тутабын, өссө даҕаны үлэлиир баҕам баһаам.

-Наталья Ивановна, кырдьык даҕаны, ылбычча киһи кыайа туппат, дьахтар киһи холугар улахан үлэни сүрүннүүргүн билинэбин. Онон талан ылбыт идэҕэр, үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри, баҕа санааҥ туолуутун баҕарабыт. Сахалар этэллэринии, сүрэҕиҥ баҕатын сүһүөҕүҥ уйдун, өрүү бу курдук чэпчэкитик, үөрэ-көтө, дьон доруобуйата чөл буоларын туһугар үлэлии-хамсыы сырыт. Үлүскэн үлэҕиттэн быыс булан кэпсэппиккэр махталбын биллэрэбин.

Кэпсэттэ Елена Александрова.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА