22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Сыа Бүлүү» СХППК бастыҥ хаачыстыбалаах үүт аһы оҥорор

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ас-үөл дьаарбаҥкатыгар Бүлүү улууүуттан 9 хаһаайыстыба кыттыыны ылла. Элбэҕи билэн-көрөн, улахан атыы-кутуу хайдах тэриллэрин миэстэтигэр сылдьан үөрэтэн, уопут атастаһан, маннык дьаарбаҥкаҕа ордук туохха болҕомтону ууруохха сөбүн ырытыстылар.


«Сыа Бүлүү» СХППК собуотун үүт бородууксуйатын оҥорууга уонна батарыыга үрдүк үөрэхтээх технолог-маастара Алексеева Светлана Юрьевна дьаарбаҥкаҕа ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрин кэпсээтэ. Дириэктэри солбуйааччы А.В.Николаев салайааччылаах үүт собуотун түөрт үлэһитэ 11 араас үрүҥ ас бородууксуйатын  туруорбуттар.

— Дьиҥинэн, көрүҥ ахсаанын балачча элбэтэр кыах баара да, бириэмэбит ыгым уонна атыыга туттар лавкабыт кээмэйэ дьоҕус. Үлэбит быыһыгар сынньана таарыйа дьаарбаҥканы кэрийэн көрбүппүт. Илин эҥэр улуустар бары кэриэтэ лаппа тэринэн киирбиттэр. Хаһаайыстыбаларын ахсаана, атыылыыр бородууксуйаларын көрүҥэ элбэҕэ, көмөлөһөр дьонун таһынан өссө атыыга аҕалбыт бородууксуйаларын рекламалыыр, ойо тутан ылан амсатар үлэһиттэрдээхтэр, — диир Светлана Алексеева.

«Сыа бүлүүлэр» атыыга туруорбут бары бородууксуйаларын сиһилии кэпсээн, көрдөрөн, чахчы натуральнай, ыраастаммыт, ыаммыт үүттэн оҥоһуллубутун, анал технологияны ааспытын, өр кэмҥэ харайыахха сөбүн быһааран кэпсээбиттэр, амсаппыттар. Ол кэнниттэн дьон кэлиитэ элбээн, сэҥээриитэ лаппа улаатан, аҕалбыт бородууксуйаларын кууһунан атыылаһан, начаас ыккардыгар бүтэрэн кэбиспиттэр.

Маны сэргэ өссө сырдарын эмиэ көрүөх бэтэрээ өттүгэр бүтэрбиттэр.
Итини барытын СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин анал хамыыһыйата бэлиэтэммит.

Киэһэ түмүк таһаарыытыгар улууспут үүттэн оҥоһуллубут бородууксуйалара бастыҥынан ааттанан, бириистээх миэстэни ыллыбыт. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланар чиэскэ тигистибит. Ити барыта Айталина Седалищева, Прасковья Алексеева, биир тылынан эттэххэ, төрдүө буолан сыралаах, түмсүүлээх үлэбит түмүгэр ситиһилиннэ дии саныыбын. Ол курдук илдьибит бородууксуйабытын барытын атыылаан, биир күн иһигэр, быһа барыллаан, 200-тэн тахса тыһыынча солкуобай суумалаах дохуоту тэрилтэбитигэр киллэрдибит, — диэн түмүктээтэ бэйэтин кэпсээнин Бүлүү технолога.

Ааптар Николай ФЕДОРОВ, «Олох суола» хаһыат, Бүлүү улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА