От ыйын саҥатыгар Дьокуускай куораттан “Альфа-Строй» тэрилтэ, ОДьКХ ГУТ, тутуллар объектар Дирекция уонна Үрүҥ Хайатааҕы ОДьКХ үлэһиттэрэ кылаабынай инженер Егор Саввин салайаачылаах кэлэн, Сыаҥааннаах хочуолунайын үлэһиттэрин кытта дуогабар түһэристилэр.
Дуогабар быһыытынан, өссө хаалбыт тоҕус дьиэҕэ ититии киллэриэхтэрэ. Оччотугар бөһүөлэк 100 бырыһыан ититэр ситимҥэ холбонор. Үлэ бу ый бүтүөр дылы түмүктэниэхтээх. Ол эрээри трассаны уларытан тардыы үлэтигэр тардылыктар баар буолуохтарын сөбүн эттилэр.
Муҥурдаахтааҕы ОДьКХ филиалын начаалынньыга Валерий Ребров бу курдук кэпсиир: “Емкостарбыт иҥнэйэн, фундаменын уларытаары эбии үп көрдөөбүппүт. 2013 сыллаахха емкостар ханнык матырыйаал баарынан, бетоннаныллыбакка да туруоруллубуттара. Ыксал курдук этэ. Ону сөпкө өйдөөн, эһиилги сметаҕа киллэрдилэр. Бөһүөлэк аллараа өттүгэр, куруук ууга барар трассалары уларытаары эмиэ үп туруорсубуппутун, кириисиһинэн сибээстээн аккаастаатылар. Онон ити учаастакка өрөмүөн эрэ күүтэр».
Оробуочай бөлөх өссө Абыйга, Кэбэргэнэҕэ сылдьыа, Сутуруоха кыстыкка бэлэмин эмиэ көрдүлэр. Салгынынан сырыы суох буолан, моторунан кэлэн бардылар. Хоту дойду суол-иис өттүнэн ыараханын эттэринэн-хааннарынан биллилэр.
Биһиги хочуолунайбыт улууска үчүгэй ахсааннаах тэрилтэлэр истэригэр киирэр. Онон дуогабардаспыт үлэлэрин ититии сезона саҕаланыар дылы хаачыстыбалаахтык бүтэриэхтэрэ.
This post was published on 08.07.2016 09:57 09:57