Сыаҥаннаахха түөлбэлэр бөһүөлэктэрин бөхтөн-сыыстан ыраастыыллар

Абый улууһун Сыаҥаннааҕар бу сааскыттан ырааһырдыы уонна тупсарыныы үлэтэ ордук түмсүүлээхтик барар. Үһүс түөлбэ (сал. K.Н.Корякина) олохтоохторо мустан олбуордарын таһын, уулуссаны хомуйдулар.


Дьахталлар көҕүлээһиннэринэн иккис уонна үһүс түөлбэ икки ардыгар турбут, былырыын көтүрүллүбүт уопсай дьиэ территориятыгар хаалбыт туалекка, оҥкучахтарга буор куттулар, аттынааҕы суолга сыыс кутан сири тэҥнээтилэр. Олохтоох хочуолунай начаалынньыга В.В. Ребров тыраахтыр уларсан үлэҕэ улахан көмөнү оҥордо. Тракторист П.Н. Садовников хомуллубут эргэ мастары сонно тута үүт дьиэтигэр оттукка таста. Эмиэ бу тэрилтэ үлэһитэ В.К. Сорокоумов хаалбыт остуолбаларын ылла, дружбалаах сылдьан мастары эрбэттэ. Манна өссө да сири тэҥнээһин үлэтэ барыахтаах.

Иккис түөлбэ дьахталлара салгыы эргэ сопхуос хонтуоратын олбуорун хомуйдулар. Манна тиит мас үүнэр тэлгэһэтэ. Бу сүдү мастары урут олорон ааспыт дьон олордон хаалларбыттар. Эмиэ бу түөлбэҕэ былырыыҥҥыттан  тиэйиллибэккэ хаалбыт теплотрасса сыыһа мунньуллан сыппытын аттынааҕы ыаллар хомуйан таһааттардылар. Бу үлэни барытын үөһэттэн ким да этэрин, ыйарын кэтэспэккэ дьахталлар бэйэлэрэ тахсан утуу-субуу кэлэн күргүөмүнэн хомуйан кэбиспиттэрэ олус үөрдэр.

Ыһыах былаһааккатын хомуйуутугар субуотунньук ыытыллыбыта. Онно эмиэ үксэ дьахталлар сырыттылар.

Оттон эр дьоммут С.Г.Слепцов уонна А.Е.Стручков Кыайыы скверигэр тротуар кута сылдьаллар. И.Е. Садовников сиэрдийэ суоран 20-чэ далаһа оҥордо. Бу күһүн эмиэ ардах түһүө, эмиэ бадараан тахсыа турдаҕа. Үлэтэ суохтары хамнастаан, бу үлэни олохтоох дьаһалта сүрүннүүр.

Ити курдук Сыаҥааннаах олохтоохторо төһө да оройуон кииниттэн ыраах олордоллор, кэлии-барыы суоҕун аахсыбакка бэйэлэрин олорор сирдэрэ тупсаҕай буоларыгар кыһаллаллар.

This post was published on 28.06.2016 14:08 14:08