Сыаҥаннаах сэрэхтээх айана

Абый улууһун Сыаҥаннааҕар ардахтаах дьыл. Күнүн көрө илик. Күһүҥҥү курдук тымныы. Оҕуруот аһа, сибэкки, от-мас үүнүүтэ мөлтөх.


Утары ардаан иһэр буолан, авиапорт территорията инчэҕэй. Онон салгынынан айан тохтоон турар. Балаһа техническэй ирдэбилгэ сөп түбэһиитин бэрэбиэркэлээбиттэрэ да, инчэҕэй диэн бэлэми биэрбэтэхтэрэ.

Территорияны куруук олорон хаалбыт ууттан ыраастыыллар. Ол эрээри сиик отунан саба үүнэн эрэр сир элбэх үлэни-үбү эрэйэр.

Ааспыт ый 25 күнүгэр дьону тиэйэр бөртөлүөт кэлэн барыаҕыттан, почтаны көрө иликпит. Дьон кыһалҕаттан кыра оҕолорун кытта кыбыммытынан мотуорунан айанныырга күһэллэр.

Үрэххэ да тиийэр туспа эрэдээктээх. Сатыы киһи быһа бардаҕына 2 чаас хааман тиийэр сирэ. Вездеход сүүрэр буолан абырыыр. Айанньыт 1,5 чаастаах айаныгар 500 солк төлүүр. Салгыы Үрүҥ Хайаҕа диэри 7-8 чаас мотуорунан устаҕын, төлөбүрэ биир киһиэхэ 3500 солк.

Ордук абитуриеннар, төрөппүттэр эрэйдэнэллэр. Атырдьах ыйыгар куораттыыр буоллахтарына, ол иннигэр Үрүҥ Хайаҕа тиийэн докумуоннарын хомунан, балыыһаҕа көрдөрүнүөхтэрин наада. Куоракка Үрүҥ Хайаттан айан билиэтин сыаната 17000-24000 солк.

Кыһалҕалаах киһи төһөнү баҕарар төлөөн барыан сөп. Суола-ииһэ суох сиринэн айан олус сэрэхтээх. Ордук курулас ардах аннынан айанныыр дьоҥҥо.

Бу күннэргэ нэһилиэнньэ бөртөлүөт кэлэригэр сайаапка биэрэн баран, эрэнэ кэтэһэ олорор.

This post was published on 12.07.2016 15:00 15:00