Абый улууһун Сыаҥааннааҕар олорор олус көхтөөх киһи, ынах-сүөһү ииттэр, үтүө санаалаах Екатерина Васильевна туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кини хаһан да санаатын түһэрбэт. «Барыта үчүгэй буолуо» диэн толкуйдаах хас сарсыардатын үөрэ саҕалыыр.
“Биһиги бөһүөлэкпитигэр саамай үтүө санаалаах, дьоҥҥо көмөлөһөр кимий?” диэн дьонтон ыйыталастым. Үгүстэр “Тамара Васильевна уонна Екатерина Васильевна” – диэтилэр. Кинилэр иккиэн бииргэ төрөөбүттэр. Кииннэрин түһэрбит сирдэрэ — Амма Бөтүэ. Оҕо эрдэхтэринэ Мэҥэ Хаҥалас Өлөчөйүгэр көһөн олохсуйбуттар. Ийэлээх аҕалара сопхуоска үлэлээбиттэр. 8 бииргэ төрөөбүттэртэн билигин 5 эрэ хаалан олорор. Оттон Абый сиригэр-уотугар бастаан Тамара кыыс кийиит буолан, сүктэн кэлбит. Кинини батыһан ийэтэ, бииргэ төрөөбүт балта Катя уонна убайа Коля кэлбиттэр. Онтон ыла 40-чаҕа тиийбэт сыл ааста.
Ийэлэрэ Христина Николаевна дайааркалыыр буолан, бэйэлэрин өйдүүр буолуохтарыттан ыла сүөһү көрүүтүн баһылаабыт дьон. Билигин даҕаны кэтэх хаһаайыстыбаларын туппутунан олороллор, сүөһүлэриттэн арахсар санаалара суох.
Кинилэртэн бүгүн чорботон кэпсиир киһим Екатерина Васильевна Ильина.
“Иккистээн да төрөөтөхпүнэ ынахпын ииттэр санаалаахпын, күн ахсын хотоммор таҕыстахпына көхсүм кэҥээн киирэр. Сүөһүлэрим барахсаттар саҥарбат эрэ буруйдаахтар. Онон ханнык да үлэни таллардыннар, хотоммор эрэ барабын,” – диэн санаатын үллэстэр. Сопхуос эстиэр дылы фермаҕа дайааркалаабыта. Ол сылларын бу курдук ахтар: “Наһаа да үчүгэйдик үлэлээбиппит. Комплекс хотоҥҥо Соломова Мотя, Новикова Дуня, Тимофеева Катя, Никулина Дуня, Чичигинарова Туяра бииргэ үөрэммит оҕолорунаан, Михайлов Трофим, Сорокоумов Васек, Слепцов Ганя, Ефимов Петя, Жирков Коля уо. да. а. үлэлиирбит. Саас аайы Балаҕаннаахха көһүү туспа биир бырааһынньык курдук буолара. Онно Куликовтар дьиэ кэргэнинэн үлэлииллэрэ, Акулина Алексеевна үүт астааччы, Титова Балбаара, Новикова Валя бааллара, Сорокоумова Надя, Никулина Вика үлэлииллэрэ. Мин дайааркалыырым таһынан ларекка бородуукта атыылыырым. Бары тэбис-тэҥҥэ сылдьарбыт. Хас биирдии дайаарка 15-18 ынаҕы көрөрө. Ынах-сүөһү оннук элбэҕэ. 1985 сыл сайыныгар улахан бадарааннаах сыл этэ. Онно хотон күрүөтүн иһигэр ынах да, сылгы да сатаан сылдьыбат үлүгэрэ буолбутун өйдүүбүн. Ол да үрдүнэн ким да санаатын түһэрбэккэ үлэлиирэ, билигин санаатахха, эдэр оҕолор барахсаттар ыарахан да кэми ааспыттар. Ол сайын курдук бырдахтаах, илистиилээх кэмҥэ аныгы оҕо үлэлиэх этэ диэн санаам хоппот”.
Билигин биир эмэ хотонноох киһи ханна эрэ бараары гыннахтарына сүөһүлэрин Катяҕа хааллараллар. Катя хаһан да аккаастаабат буолан, элбэх киһини абырыыр. Өр сылларга сүөһүгэ үлэлээбит буолан, тыа хаһаайыстыбатын билиҥҥи туругун астыммат. “Урукку сылларга холоотоххо сүөһү-ас олус аҕыйаата. Ааспыт хаардаах сыл эбиитин улаханнык тэптэ. Дьон кыайан оттообот буолан ынахтарын эспитэ. Хотоннонуон баҕалаах эдэр ыал суох буолла. Кырдьаҕастар сүөһүлэнэр саастарын аастылар. Урут кинилэр этэ буоллаҕа үүтү-сүөгэйи көрүлэппит дьон. Билигин сүөһүнэн дьарыктанар дьон Жирков К.Н., Аммосова Нь.Д., “Тускул” бааллар. Атыттар эмиэ биһиги курдук аҕыйах сүөһүнү ииттэллэр. Киһи бастайааннай сүөһүлээх буолара наада. Ынах сүөһүнү суох гынар, эһэр сатаммат. Аныгы үйэҕэ киһи сүөһүлээх эрэ буоллаҕына куруутун саппаастаах курдук эрэх-турах сананыан сөп. Ордук ыччаттаах, оҕолоох дьон хотонноох буоллахтарына куруутун сибиэһэй аһынан дьоннорун хааччыйыа этилэр.
Сибилигин бэйэм 2 ыанар ынахтаахпын, 1 борооскулаахпын. Быйыл күһүн аһыы оту сиэн, ыанар ынаҕым «баран хаалан» улаханнык хомотто. Ынахтарым барахсаттар үүт иһэрдэллэрин таһынан куруутун харчылыыллар. Ол курдук сүөгэй, суорат оҥорон атыылыыбын. Хаһан эмэ сиирбитигэр арыы оҥостобут. Урукку сылларга хайах амсайааччыбыт. Билигин аҕыйах ынахха ол кыаллыбат. Кыахтааҕым буоллар сүөһүнү хото ииттиэм этэ”, — диир кини.
Екатерина Васильевна быйыл саас 65 сааһын доҕотторун кытта үөрэ-көтө үбүлүөйдээн көрсүбүтэ. 8 оҕолооҕуттан бэйэтин кытта икки уол олорор, уоллаах кыыс сиэнин көрсөр. 13 сиэннээх, 1 хос сиэннээх.
Теплицалаах, хортуоппуй олордор. Отоннуурун сөбүлүүр. Үүммүт сылыгар тэллэйгэ сылдьар. 2-с түөлбэ начаалынньыгынан үлэлээбитэ 10-ча сыл буолла. “Дьону кытта үлэлиирбин сөбүлүүбүн. Киһи илиитэ-атаҕа хамсыырын тухары бэйэтин наадатын бэйэтэ оҥосто сатыыра ордук дии саныыбын. Дьоҥҥо үтүөнү оҥорорбун туохтааҕар да ордоробун. Ордук кырдьаҕас дьон үөрдэҕинэ, өссө тугу эмэ үчүгэйи оҥоруохпун баҕарабын. Түгэнинэн туһанан чугас олорор дьүөгэлэрбэр, эдьиийдэрим курдук саныыр дьоммор Левина В. Д., Ильяхова М.В., Ильяхова А.В., Андросова Л. П. көмөлөрүн-сүбэлэрин иһин улахан махталбын тиэрдэбин. Доруобуйаны, дьолу баҕарабын!”
Ааптар: Анастасия Сорокоумова,
Сыаҥааннаах.