«СВОя история»: Лихач позывнойдаах байыас Саха сиригэр миниистир солбуйааччытынан буолла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин парламеныгар үлэлии сылдьан, Александр Максимов анал байыаннай дьайыыга барарга быһаарыы ылыммыта. Кини бойобуой дьайыылар кэмнэрин саныырын сөбүлээбэт эрээри, эйэлээх олоххо өрөспүүбүлүкэ уонна дойду олохтоохторугар анаан үлэлиэххэ наада диир. ЯСИА уонна «Дойдуну Көмүскээччилэр» госфонд «Бэйэ историята» бырайыагын уочараттаах таһаарыытыгар ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистири солбуйааччы «Саха сирэ — геройдар сирдэрэ» кадровай бырагыраамаҕа хайдах кыттыбытын, бэтэрээннэргэ туох наадалааҕын уонна ханнык өйөбүл дьаһаллара көрүллэрин кэпсээтэ.

Атын историялары бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ.

This post was published on 21.08.2025 15:33 15:33