СВО территориятыгар сир анныгар Арчы дьиэтин туттулар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сирин байыастара анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр баар полигоҥҥа фронт ураты дьиэтин туттулар. Арчы дьиэтин оҥорууну аармыйа салалтата өйөөтө.

Блиндаж киэптээх Арчы дьиэтэ, куттал суоһаабатын туһугар, сир анныгар дириҥҥэ тутулунна. Тутааччылар дьыалаларыгар тапталларын уонна болҕомтолорун уурдулар. Дьиэҕэ алгыс ыытарга барыта баар. Сахалыы миэбэл, мал-сал, өрөспүүбүлүкэ каартата, бибилэтиэкэ, алааһы көрдөрөр интэриэһинэй «түннүктэр» оҥоһуллубуттар.

Саха сирин байыаннай сулууспалаахтара манна дьиэлэригэр сылдьар курдук сананалларын эттилэр. Инники кирбиигэ кинилэр төрөөбүт сирдэрин сорҕото баар буолла. Арчы дьиэтэ норуот духуобунай култууратынан уонна харысхал, алгыс ылар сирдэринэн буолла.

Хаартыска: Саха сирин военкордарын телеграм-ханаала

This post was published on 31.03.2025 16:03 16:03