Саха сиринээҕи доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕо уонна эрдэҕэс оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитационнай кииннэригэр 2023 сылтан саҕалаан, реабилитацияны анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин 194 чилиэнэ кытынна.
Ол туһунан тэрилтэ дириэктэрэ Зинаида Максимова эттэ, суруйар регион салалтатын пресс-сулууспата.
«Араас ыал кэлэр – элбэх оҕолоохтор, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолоохтор. Бастаан уйулҕаларыгар биир кэлим диагностика ыытабыт. Ол түмүгүнэн хас биирдиилэригэр тус бырагыраама оҥоробут. Оҕо сайдыытыгар кыһалҕалар баалларын бэлиэтээтэхпитинэ, дефектологтары, логопедтары, арт-терапевттары уонна да атын исписэлиистэри ыҥырабыт», – диэтэ Зинаида Максимова.
Кииҥҥэ оҕолорго анаммыт туспа бырагыраама баар. Массаж, физиотерапия уонна бассейнҥа сылдьаллар. Коррекционнай педагогтар ийэлэргэ оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэр индивидуальнай сүбэлэри биэрэллэр.
Реабилитация 18-гар диэри саастаах оҕолорго уонна кинилэр сокуоннай бэрэстэбиитэллэригэр «полустационарнай эбэтэр стационарнай» киэпкэ 21 хонук устата бэриллэр.
This post was published on 16.02.2024 11:34 11:34