««Якутия – земля героев» кадр бырагырааматын кэнсиэпсийэтин биир бастакыларынан биһиги оҥорон саҕалаабыппыт. Бигэргэннэ, бэлэмнэнии тэрээһиннэрин кэнниттэн олунньуга үлэтин саҕалыаҕа. Талыы бастаан дистанционнай киэбинэн ыытыллыаҕа – анкета толоруохтара, тестирование ааһыахтара, онтон утары тус сирэй кэпсэтии барыаҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Үөрэх Дьокуускайга буолар. Лекциялары бастыҥ преподавателлэр ааҕыахтара.
«Хас да модуль баар буолуоҕа, сороҕун дистанционнай киэбинэн ааһыахтара. Бу бырагыраамаҕа улахан суолтаны уурабын, бэйэм курсааннары кытта көрсүөҕүм. Хас биирдии курсааҥҥа эппиэтинэстээх сирэй сыһыарыллыаҕа – өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан уонна бөдөҥ хампаанньалартан. Наада буоллаҕына, бэйэм да настаабынньык буолуом», — диэтэ Айсен Николаев, бырагыраама выпускниктара бүтэрдэхтэринэ үрдүк дуоһунастарга ананалларын иһитиннэрэн туран.